Н.Е.Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Билии күнэ

Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар саҥа үөрэх дьылын саҕалааһын тэрээһинэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Ол курдук, киһи эрэ кэрэхсиэх, дириҥ ис хоһоонноох киэргэтии, хаартыскаҕа түһэргэ аналлаах муннук үөрэнээччилэри, төрөппүттэри умсугута угуйда. Онус кылаас үөрэнээччилэрэ Эмилия Федорова, Михаил Спиридонов бу эппиэттээх дьоро күнү олус бэркэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Сүрүн болҕомто быйыл оскуолаҕа саҥа киирэр кырачааннарга ананна. Холбоһук директора Анна Васильевна Мосоркина үөрэх дьыла аһыллыытынан эҕэрдэлээтэ, быйылгы уларыйыылары бэлиэтээн кэпсээтэ.

Онтон 11 кылаас үөрэнээччилэрэ маҥнайгы кылааска киирэр оҕолору сиэтэн киллэрэн, сценаҕа, бочуоттаах миэстэҕэ, туруордулар.Кырачааннары уһуйааҥҥа сайыннарбыт иитээччилэрэ Т.П.Мессеева, Н.И.Терякова арыаллаан аҕалбыттар. Оҕолор хоһоону да доргуччу аахтылар, ыллаан да эйээрдилэр. Анна Васильевна маҥнайгы кылааска киирээччилэри, кинилэр төрөппүттэрин эҕэрдэлээтэ уонна Ил Дархаммыт А.С. Николаев бэлэҕин «Күннүктэри» туттартаата. Бу «Күннүк» оҕолору күннээҕи олохторторун сааһылыыр чугас доҕордоро, сүбэһиттэрэ буолуоҕун чопчулаан быһааран биэрдэ. Сүрүн көмөлөһөр, өйүүр тэрилтэбит «Төлөн» ААО генеральнай директора, Ил Түмэн дьокутаата Прокопий Дмитриевич Рахлеев тэрилтэ аатыттан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ уонна кырачааннарга бэлэҕин туттартаата. Хомус алыптаах дорҕоонун сыыйа тардан, хомусчут оҕолор эҕэрдэлэрэ тэрээһини сэргэхситтэ.

Салгыы олохтоох дьаһалта аатыттан баһылык солбуйааччыта Анна Ивановна Васильева эҕэрдэлээтэ. Кини дьаһалта аатыттан маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр бэлэхтэри туттартаата. Бүгүҥҥү тэрээһин суолтатын үйэ аҥаарын анараа өттүгэр оскуолабытын бүтэрбит выпускниктарбыт кэлэн ыалдьыттаан, өссө үрдэтэн биэрдилэр. Кинилэр ааттарыттан отчуот-эҕэрдэни Ньургустаана Серафимовна Харайданова тиэртэ. Онтон иһиттэххэ, Светлана Ивановна Беркина салайааччылаах 10 «б» кылаас олус түмсүүлээҕин, бары өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрсибиттэрин сэҥээрэ иһиттибит. Бу ыалдьыттар ортолоругар мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ бастакы маастара, өр сылларга онкология балыыһатын салайбыт Петр Дмитриевич Каратаев баар. Кини 11 кылаастарга «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыгар олус наадалаах сүбэлэри биэрдэ. Маҥнайгы чуораан чугдааран, оҕо аймаҕы билии-көрүү, сайдыы айаныгар үөрэ-көтө ыҥырда!

Валентина Кривошапкина, Харбалаах.

Читайте дальше