«Үйэ саас» бэлиэ хаһаайына, «СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, “Аҕа дойду Улуу сэриитэ” 2-с истиэпэннээх уордьан, Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын мэтээллэрэ, успурка ситиһиилэрин, Томпо, Таатта, Горнай улуустарын “ытык киһитэ” туоһулуур бэлиэлэрдээх, “Туйгун бүлүмүөтчүк” бойобуой бэлиэлээх, 100 сааһын томточчу туолбут Наум Трифонович Слепцовка Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина” үрдүк ааты иҥэрдэ.
Ытык киһибит, биир дойдулаахпыт Дьокуускай куоракка үгүс кылааты киллэрбитин билэбит, үөрэбит уонна эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Елена Слепцова.