Быйыл нуучча Улуу поэта А.С.Пушкин төрөөбүтэ 225 сыла бэлиэтэнэр. Александр Сергеевич төһө да 1837 сыллаахха 38-с сааһыгар сирдээҕи олоҕо түмүктэннэр, Дьылҕа Хаан кини туһугар өлбөт үйэлэнии дьолун тосхойбута: үйэлэр ааспыттарын да иһин кини Сырдык Аата, чыпчаал буолбут айымньылара өссө улуутуйан иһэллэр.
Биһиги дойдубут бары суруйааччылара, ол иһигэр сахалыы тыллаах суруйар-бичийэр дьоммут айар үлэлэрин Пушкинтан тирэҕирэн-такайыллан саҕалаабыт буоллахтарына, кэлин ситэн-хотон, сириэдийэн, эмиэ Пушкиҥҥа тиксэллэрэ диэн аахпыттаахпын.
Ити суолу Тааттабыт айар талааннаахтара эмиэ тутуспуттара чахчы. Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятын устудьуона Платон Слепцов нуучча классикатын үлүһүйэн туран ааҕара. 1917 с. бүтэһик үһүс куурустааҕы педпрактикатын “выпускной” уруогун “Стихотворение А.С.Пушкина “Узник” диэн тиэмэҕэ анаан, үөрэнээччилэрин кытта хардарыта кэпсэтиһиини тэрийэн, хорсун санаатын иһин эрэһиэҥкэ нөҥүө быраҕыллыбыт хаайыылаах уонна сыапка баайыллан иитиллибит хотой көҥүлгэ, сырдыкка, үрдүккэ дьулуһуулара тэҥ күүстээҕин, ыра санаалара тэҥ ырааһын дакаастаан, учууталларын үрдүк сыанабылларын ылбыта.
Пушкин айымньыларын Платон Алексеевич дьонугар-сэргэтигэр тылбаас нөҥүө тиэрдибитэ. 1922 с. Пушкин “Былыт” хоһоонун тылбаастаабыта. Тыл уонна култуура институтугар дириэктэрдии олорон, 1937 с. Пушкин өлбүтэ 100 сыла буоларынан сибээстээн, кинини кэриэстиир элбэх үлэни тэрийбитэ. Ол курдук, бэйэтэ 1936 с. Пушкин “Борис Годуновуттан”, “Бороруок”, “Кынчаал” айымньыларын тылбаастаан, “Эдэр бассабыыкка” бэчээттэппитэ. 1937 с. олунньутугар Дьокуускайга Пушкины кэриэстиир литературнай биэчэргэ улуу Поэт туһунан дакылаат оҥорбута.
Манна даҕатан эттэххэ, ол 1937 с. Пушкины кэриэстиир тэрээһиннэр Саха сирин үгүс муннуктарыгар ыытыллыбыттар, ол курдук, быйыл төрөөбүтэ 150 сыла бэлиэтэнэр норуодунай худуоһунньукпут И.В.Попов учууталлыы сылдьан, Уолбаҕа Пушкиҥҥа аналлаах сэлэлээн хаамыыны уонна тыл этиилэри тэрийбит.
Ити өлбөт-сүппэт холобурдарга олоҕуран, оччотооҕу Ытык Күөл орто оскуолатын нуучча тылын, литературатын учууталлара 1987 с. А.С.Пушкин өлбүтэ 150 сылыгар Ытык-Күөлбүт урукку театрыгар Кэриэстэбил тэрээһини ыыппыппыт. Ытык Күөл икки оскуолатын, театры, музыкальнай оскуоланы түмэ тардан, улахан театрализованнай көрдөрүүнү тэрийбиппит. Уопсай сценарийын методхолбоһук салайааччыта буоламмын мин оҥорбутум. Кэриэстэбил киэһэни Н.Д.Осиповалыын салайан ыыппыппыт.
Норуодунай театр артыыстара режиссер Е.А.Хатылыкова салалтатынан, В.С.Баишев туруоруутунан Пушкин “В Сибирь” уонна А.Одоевскай “Струн вещих пламенные звуки” хоһооннорунан хаатыргаҕа сытар декабристар олохторун көрдөрөр композицияны “теневой театр” ньыматынан көрдөрбүттэрэ сааланы толору мустубут көрөөччүлэр улахан биһирэбиллэрин ылбыта.
Биһиги метод-холбоһукпут театры кытта кыттыһан “Пушкин саха балаҕаныгар” диэн сценканы туруорбуппут. Саха радиотын диктора Е.Н.Местникова алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан Пушкин туһунан аан бастаан учууталын кэпсээнин истэн наһаа сэргээн, поэт мэтириэтин уларсан, ыраах олорор дьонугар аҕалан көрдөрбүтүн, Александр Сергеевич диэн кимин кэпсээбитин туһунан ахтыытын “Кыым” хаһыакка ааҕан, театрализованнай сценарий суруйбутум. Ол сценканы театр артыыстара А.А.Андросов, З.Н.Колесова уонна оскуолабыт эдэр учуутала Х.Сивцева (Х.Е.Туласынова) итэҕэтиилээхтик оонньообуттара.
Музыкальнай оскуола фортепианоҕа уһуйааччыта Л.Г.Кайсина Пушкин “Евгений Онегиныттан” Татьяна Ларина Онегиҥҥа суругун оруолга-турукка киирэн туран, музыка доҕуһуоллаах долгутуулаахтык аахпыта олох сонун көстүү буолбута.
Ол Кэриэстэбил киэһэҕэ Пушкин хоһоонноро ааҕыллыбыттара, кини олоҕун, айар үлэтин туһунан киэҥ сырдатыы буолбута. Бу тэрээһиммитин районо методкабинетын сэбиэдиссэйэ А.В.Белина улаханнык биһирээн, ити сыл бэс ыйыгар иккис төгүлүн ыытыллар Ойуунускай ааҕыыларыгар алтыһыннаран, “Пушкинские и Ойунские чтения” ыытарга этии киллэрбитэ. Ону үөрүүнэн ылынан, “Пушкин саха балаҕаныгар” сценкабытын Миша Баснаев, Маша Федорова, Лена Шахурдина оонньооннор, I степеннээх дипломунан бэлиэтэммиттэрэ. Аржаков Витябыт (кэлин Санкт-Петербургдааҕы байыаннай институт доцена) Платон Алексеевич курдук таҥнан, ачыкыланан, “Речь Ойунского к 100-летию со дня смерти Пушкина” диэн театрализованнай ааҕыыта үрдүктүк сыаналаммыта.
1999 с. А.С.Пушкин төрөөбүтэ 200 сылыгар улуустааҕы үөрэх салаатын (методкабинет сэб. А.В.Винокурова) былаанынан араас хабааннаах куонкурустар биһиги саҥа таас оскуолабытыгар ыытыллыбыттара. Саалабыт сыанатын үлэ, уруһуй учууталларын көмөлөрүнэн Пушкин эпохатын толору биэрэр гына оҥорбуппут дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылбыта.
Драмкөрүүгэ Чөркөөх орто оскуолатын иһинэн үлэлиир “ Кустук” оҕо драмстудията (сал. СӨ култууратын туйгуна М.Н.Вырдылина) Ойуунускай тылбааһынан “Борис Годунов” курдук дириҥ трагическай ис хоһоонноох драматтан быһа тардыыны кыайа-хото тутан толорон, эрэллээхтик бастаабыта. Сүрүн оруолларга 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ, кэлин искусство, култуура үлэһиттэрэ буолбут Рома Дорофеев, Ганя Вырдылин (учууталлара Э.Х.Кашкина) итэҕэтиилээхтик толорбуттара.
Биһиги методхолбоһукпут күүскэ үлэлээн, 9-с кылаас оҕолорун сүрүн састаап оҥостон (уч. Т.В.Никифорова), “Сказка о попе и работнике его Балде” остуоруйаны туруоран, II миэстэ буолбуппут. Сүрүн оруолларга Алик Голиков, Жора Попов тахсыылаахтык оонньообуттара. Бесёнок оруолун 7-скэ үөрэнэр Стручков Колям улахаттары кытта биир тыынынан толорбута. Маассабай сыаналарга остуоруйа ис тыынын арыйыыга Паша Александрова, Гуля Матаннанова, Уля Захарова төһүү күүс буолбуттара.
Пушкиҥҥа аналлаах эркин хаһыатын куонкурсугар биһиги оскуолабыт I миэстэни ылбыта. Бу хаһыаты таһаарыыга уопсай идиэйэбитин олоххо киллэрэн, мин салайар 7-с кылааһым оҕолоро Даша Чарина, Лика Петрова, Оля Мурунова, Ия Никифорова, Саина Бочурова, Аля Николаева, Юля Платонова уруһуй учуутала М.Г.Москвитина салалтатынан үлэлээбиттэрэ. Чахчы даҕаны, баай матырыйааллаах, киһи кэрэхсии көрөр хаһыата буолбута.
Хоһоон ааҕааччылар күрэхтэригэр 7-с кылааһым үөрэнээччитэ, кэлин оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Алена Попова “Это все ты – Александр Пушкин!” диэн бэйэтэ айбыт хоһоонунан I миэстэни ылыан ылбыта.
2009 с. А.С.Пушкин төрөөбүтэ 210 сыла эмиэ дьоһуннаахтык бэлиэтэммитэ (методкабинет сэб. В.В.Винокуров). Пушкинынан күүскэ дьарыктаммыт, Пушкин олорбут сирдэринэн үөрэнээччилэрин илдьэ сылдьыбыт В.И.Захарова үлэлиир Хара-Алданын оскуолатыгар “Пушкин: диалог времен” диэн регионнааҕы фестиваль ыытыллыбыта. Биһиги оскуолабыт учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Аня Большакова (уч.Т.В.Никифорова), Алина Ефремова (уч.Т.А.Хатылыкова) дакылааттара үрдүктүк сыаналаммыттара. 10-с кылааска үөрэтэр оҕом Галя Баснаева “Мисс Натали” титулун ылан кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.
Ити курдук улууспут хас биирдии оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталлара үөрэх салаатын көҕүлээһининэн, бэйэлэрин айар талааннарынан улуу Пушкиҥҥа сүгүрүйэн туран, үрдүк өрө күүрүүлээхтик, түмсүүлээхтик үлэлээбиппит, Улуу Поэт сүдү талаанын ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдибиппит.
2003 с. сааһыгар Ытык Күөлбүтүгэр поэтесса Анна Скрябина – Таатта Оруоһуннарыттан хаан тардыылаах В.Н.Будникова – Пушкин олоҕун тиһэх күннэригэр анаммыт “Признание веков” диэн поэматын тула кэпсэтиигэ нуучча тылын учууталлара үөрэнээччилэрбитиниин кыттыыны ылан турабыт. Ааптар бу айымньы суруллубут устуоруйатын билиһиннэриитэ олоххо биирдэ эмит биллэн ааһар дьикти, сэдэх көстүүнү кытта ситимнээх буолан тахсыбыта. Анна Ахматова “Мне голос был…” диэн эппитинии, 1992 с. (ааҕан таһаардахха, Пушкин өлбүтэ 155 сылыгар) Виктория Николаевна киниэхэ туһаайыллыбыт үөһэттэн дуораһыйар куолаһы истэн, сорудах ылан, бэлэмнэнэн, Пушкин аатыттан кини дуэльга ытыһар күнүттэн саҕалаан, үс күн устата тугу гыммытын, тугу санаабытын, олоҕун уонна чугас дьонун кытта хайдах бырастыыласпытын, туох кэриэһи эппитин туһунан куйаартан кутулла турар тыллары сонно тута ыраас лиистэргэ суруйан, сааһылаан, 2001 с. бу поэманы бэчээттэппит.
Кырдьык, А.С.Пушкин айылҕаттан бэриллибит кэрэхсэбиллээх да, таайтарыылаах да өрүттэрдээҕэ. Олортон биирдэстэрэ – кини хайа баҕарар омукка тылыттан да, ханнык кэмҥэ олороруттан да хааччаҕа суох өйүгэр-санаатыгар иҥэн киирэрэ уонна кинини омугуттан тутулуга суох ким барыта ылынара. Бу хаачыстыбатын иһин Ф.М.Достоевскай Пушкины “өйдүүн-санаалыын, эттин-сиинниин, бүүс бүтүннүү аан дойдуга аһаҕас, чараас эйгэлээх поэтынан” ааттаабыта. Оннук да буолан, Пушкин балтараа үйэни уҥуордаан, биһиги биир дойдулаахпыт, саха поэтессатын нөҥүө кэнэҕэс кэм дьонугар духуобунай кэриэһин тиэртэҕэ.
Күн бүгүн “Пушкин“ диэн тыл Поэт араспаанньатын эрэ быһыытынан буолбакка, бүтүн Россия, ону ааһан аан дойду билиниитэ, сүгүрүйүүтэ, олохпут туох эрэ олус дьоһуннаах, олус наадалаах ураты бэлиэтэ, символа, киэн туттуута буолар. Онон, В.А.Жуковскай тылларыгар кыттыһан туран, Александр Сергеевич Пушкины сахатыта соҕус “нуучча поэзиятын үрүлүйэр үрүҥ күнэ” диэн ааттыаҕыҥ, кини үйэлэргэ өлбөөдүйбэт сүдү талааныгар нөрүөн нөргүйүөҕүҥ.
К.А.Хатылыкова, Алампа аатынан оскуола бэтэрээнэ, РФ үтүөлээх учуутала.