Ытыктабыллаах Саха бэчээтин бэтэрээннэрэ, үлэһиттэрэ, биир идэлээхтэрбит!
Эһигини Саха бэчээт СӨ САТ кэлэктиибин уонна тус бэйэм ааппыттан Национальнай бэчээт күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоммута биэс сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
2020 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр саха лингвист учуонайа С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр, ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев 1907 с. от ыйын бастакы күнүгэр тахсыбыт “Саха дойдута” бастакы сахалыы хаһыат тахсыбыт күнүн Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрбитэ.
1907 сыллаахха В.В. Никифоров-Күлүмнүүр биир санаалаахтарын – сыылынайдар В.М. Ионов, М.В. Сабунаев, гимназия учуутала В.В. Жаров, Н.Е. Афанасьев, Е.М. Егасов буолан түмсэннэр, бастакы сахалыы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй хаһыаты тэрийэри көҕүлээн, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр П.А. Кушнаревтуун бэйэлэрэ үбүлээн, Санкт Петербургтан бэчээттиир тэрили атыылаһан аҕалтаран таһаарбыттара. Н.Е. Афанасьев хаһыаты таһаарааччы этэ. “Саха дойдутун” бастакы нүөмэрин киирии тылыгар: “ … Биһиги баҕабыт буолар – бу бэйэбит дьоммутун кытта бэйэбит төрүт өйдүүр, билэр тылбытынан кэпсэтэн, бэйэбит олохпутун, быһыыбытын, майгыммытын билэн, бэйэбит кыһалҕабыт, наадабыт туһун истиһэн, сүбэлэһэн ол тупсарыгар, көнөрүгэр кыһаныах тустаахпыт” диэн төрөөбүт тылбытынан быһаарсан олоҕу сүбэнэн тупсарыыга туһаайыллыбыта. Күлүмнүүр бэчээт өйү-санааны, сыалы-соругу тиэрдэр күүһүн, суруктаах-бичиктээх тыллаах норуот симэлийбэккэ сайдар кыахтааҕын үчүгэйдик өйдүүрэ. Оччотооҕу Россия импиэрийэтин Уһук Илинигэр уонна Сибииргэ бэйэтин ийэ тылынан тахсыбыт соҕотох хаһыат этэ. Онон Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннигэр саха норуота бэйэтэ суруктаах-бичиктээх тыллаах, бэчээттээх этэ.
Саха литературатын төрүттээччилэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх, А.И. Софронов-Алампа, бастакы суруйааччылар Е.М. Егасов, К.О. Гаврилов, Оросиннар, М.Н. Тимофеев-Терешкин о.д.а. бастакы айымньылара “Саха дойдута”, “Саха олоҕо” хаһыаттарга, “Саха саҥата” сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Саха литературата быйыл 125 сылын туолла, эһиил норуот сайдыытын быһаарыылаах кэрдиис түһүмэҕэр барытыгар инники сылдьан – литература, бэчээт, тыйаатыр, уопсастыбаннай хамсааһын сайдыытын түстэспит, бастакы эрэдээктэр А.И. Софронов-Алампа «Чолбоно” үйэлээх кэрдииһин бэлиэтиэхпит.
Бастакы көлүөнэ интеллигенция сахалыы национальнай бэчээти төрүттээбиттэрэ Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарыгар үтүө холобур буолбута.
Национальнай бэчээт омук олоҕор уонна сайдыытыгар суолтата тугунан да кэмнэммэт. Араас өрүттээх сайдыыбыт төрдө – ийэ тылбытыгар, сахалыы ураннык толкуйдуур дьоҕурбутугар баар. Саха тыла туттуллар эйгэтэ кыараабыт уонна тыл литературнай нуормата суох ким хайдах-тугу санаабытынан суруйара көҥүл барыыта норуот өйүн-санаатын ыһар. Сыыппара сайдыытын үйэтигэр кумааҕынан бэчээт улахан тургутууларга киирдэ. Кэпсэтии тылыгар хаалан симэлийии суолугар барбакка, сахалыы бэчээт тылын иҥэринэн эрэ үрдүк литература, искусство араас көрүҥнэрэ бары сайдар кыахтаахтарын мэктиэлиир саха бэчээтигэр судаарыстыбаннай сыһыан, күүстээх кыһамньы эрэйиллэр. Тыл, бэчээт – норуот дьылҕатын быһаарар.
Эһиэхэ Саха сирин элбэх омуктаах бэчээтин нэһилиэстибэтин, төрөөбүт тылбытын харыстыырга, сайыннарарга туһуламмыт кэскиллээх үлэҕитигэр ситиһиилэри, айар умсулҕаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабын.
“Сахабэчээт” СӨ САТ генеральнай директора Н.М. Стручкова.


