Айсен Николаев: «Для меня в центре был, есть и будет оставаться человек, его благополучие. Это моя главная задача» — диэн этиитэ туох барыта киһи, дьон-сэргэ олоҕо тупсарын туһугар оҥоһулларын чопчулаата.
Биэс сыл иһигэр үгүс тутуу ыытыллан, ону тэҥэ, 2023 сылга 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллан бүтэн эрэрэ элбэҕи кэпсиир диэн Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Алена Гуляева санаатын үллэстэр.
Таатта улууһугар «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥа ФАП-тар тутуллан, «Суһал көмө» массыыналарынан хааччыллан, мэдиссиинэ өҥөтүнэн туһаныы таһыма биллэрдик үрдээтэ. Аны сотору кэминэн күҥҥэ 200 ыарыһаҕы көрөр саҥа поликлиника аһылларын долгуйа күүтэбит.
Ил Дархан Айсен Сергеевич үөрэҕирии өттүгэр саҥа оскуолалары, уһуйааннары тутууттан, материальнай баазаны хаҥатыыттан ураты бары күүһү үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга күүстээх үлэни ыытарга сүрүн сыалы-соругу туруорда. Маны таһынан хас биирдии оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун, баҕа санаатын учуоттаан үлэлииргэ, өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытыгар олук буоларын толору өйдөөн, туһааннаах үлэни ыытарга ыҥырда.
Успуорт өттүгэр Саха сиригэр ыытыллыахтаах «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары үрдүк таһымҥа ыытыллыахтаах, онно туһаайан өрөспүүбүлүкэҕэ олох-дьаһах таһыма, суол-иис тупсарыгар үгүс үлэ күүтүллэрин санатта. Онтон биһиги улууспутугар, биллэрин курдук, 2025 с. национальнай успуорт көрүҥэр XXII «Манчаары оонньуулара» ыытылларыгар үгүс спортивнай эбийиэктэр тутуллуохтаахтарын билэбит, маны тэҥэ улууспут биллэрдии киэркэйэрин күүтэбит.
Олорор дьиэ, ханна да буоларын курдук, боппуруоһа сытыытык турар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамма салгыы үлэлиир. Биһиги улууспутугар быйыл 6 элбэх кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр киириэхтээхтэр, үлэ былааннаахтык ыытыллар.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев олохтоох бородууксуйанан нэһилиэнньэни хааччыйыы таһыма үрдүөхтээх диэбитигэр толору сөпсөһөбүн. Улууска баар оскуолаларга оҕо аһылыга эмиэ бу суолу тутуһан, оҕо доруобуйата тупсарыгар төһүү күүс буолуохтаах дии саныыбын. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл дьыл туран биэрэн, оттооһун былаана туолан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо үчүгэй бэлэмнээх кыстыкка киирэллэригэр көмө буолла, онон, ас-үөл өттө хаачыстыбата тупсуо, дэлэйиэ диэн эрэл баар.
Айсен Сергеевич анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга, кинилэр дьиэ-кэргэттэригэр улахан болҕомтону уурарын, атын эрэгийиэннэрдээҕэр уһулуччу көмөлөһөрүн бары билэбит. Ол курдук социальнай көмө көрүҥэ элбээн иһэрин, өссө да элбииригэр бары улуустартан туох кыһалҕа баарын билэн, учуоттаан, саҥа этиилэри түмэн, үлэ бара турарын бэлиэтиибит. Бу барыта олоххо киириэ диэн эрэнэбит уонна анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө буолар бар дьоммутугар, түгэнинэн туһанан, улуустааҕы уопсастыбаннай ыстаап аатыттан махтанабыт.