Таатта нэһилиэгин Киин библиотекатыгар «Сырдык олох иһин» — диэн  олус үчүгэй, дириҥ ис хоһоонноох кинигэ биһирэмэ буолан ааста. Кинигэ ааптара Аким Константинович Татаринов 90 сыллартан саҕалаан кыраайы үөрэтэн, ыччаты киэҥ билиигэ уһуйан,  хас биирдии оҕоҕо патриотическай тыыны иҥэрэн оскуолаҕа учууталынан үлэлээбит. Ону тэҥэ Нуучча географическай обществотын чилиэнэ, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Кинигэҕэ Сэбиэскэй кэм иннинээҕи уонна ити кэм саҕаланыытын бастакы сылларыгар Таатта дьонун-сэргэтин олоҕо сайдарыгар өйдөрүн санааларын ууран туран үлэлээбит  Улуус бастакы үөрэхтээх дьонун кинилэр туох үлэни ыыппыттарын туһунан, СӨ Национальнай Архыыбын докумуонугар олоҕуран суруллубут кинигэ буолар. Бу дойдуларын туһугар үтүөнү оҥорон, олох олорон ааспыт дьоммут үгүс. Ол иһигэр Сэбиэскэй  былаас кэмигэр ааттара аатамматах, оччотооҕу үөрэҕэ суох , үөрэхтээх биир дойдулаахтарбыт ахтыллар кэмнэрэ кэллэ диэн ааптар кинигэтин саҕалыыр. Аким Константинович улуус, нэһилиэк историятын үөрэтиигэ сүҥкэн кылааты киллэрдэ. Бу дьоро күнүн үллэстэ Аким Константинович биир дойдулаахтара, чугас дьоно, кэллиэгэлэрэ, алтыспыт доҕотторо кэлэн эҕэрдэлээн, кинигэ туһунан санааларын этэн бардылар.

Кинигэ биһирэмигэр сылдьыбыт Марфа Петровна санаатын үллэстэр.

Киин библиотекаҕа олус истиҥ, элбэх сонуннаах, ырытыылардаах ,,Сырдык олох иһин» диэн Аким Константинович Татаринов кинигэтин биһирэмигэр сырыттым. Истэн олорор киһи кэрэхсиир, сэҥээрэр ,барытыгар сөпсөһөн кэҕиҥнии олоруон сөптөөх кэпсэтиилэр, санаа атастаһыылара буолла. Улуус, нэһилиэк аатыттан эҕэрдэлэр, Уус-Амма, Амма баһылыктара, Хадаайы литературнай музейа, култуура, Лицей оскуолата, библиотека үлэһиттэрэ, С.Р. Кулачиков аатынан Чычымах орто оскуолатын коллективын аатыттан уо. д.а элбэх эҕэрдэ этилиннэ, бэлэх-туһах туттарылынна.

Кинигэҕэ киирбит Тааттабыт маҥнайгы үөрэхтээхтэрин: Николаев. Е. Д.-2, Андросова-Ионова. М. Н., Слепцов. П.И. — Ньоомноон Сиэнэ, Егасов. Е. М., Оросин. П. И. – Хайыкы, Баишев. Г.В. — Алтан Сарын, Давыдова (Николаева) М.Г. тустарынан сырдатыылары бэлэмнэнэн кэлбит дьон кэпсээбиттэрэ кэрэхсэттэ.

Ити курдук ыытааччы эттэҕин аайы кэккэ дьон тахсан Аким Константинович сыралаах үлэтин сыаналаан ,ис сүрэхтэриттэн махтал тылларын эттилэр. Амма оскуолатын дириэктэрэ, коллегата Аким Константинович 1991-2005 с. уруһуй, черчения, история уруоктарын биэрэн учууталлаабытын, 1992-1994 с.с.  оскуола дириэктэринэн үлэлээбитин, оҕолор сөбүлээн батыһа сылдьар буолбуттарын, ити кэмҥэ үөрэнээччилэргэ элбэх  интириэһинэй экспедициялары тэрийэн ыыппытын ис-иһиттэн итийэн-кутуйан махтанан туран кэпсээтэ. Оҕолорго төрөөбүт дойдуларын, сирдэрин-уоттарын көрдөрөн, айылҕалыын алтыһарга үөрэтэн-такайан, элбэх билиини биэрбит киһи диэтэ. Ол сырыыларын-айаннарын туһунан оҕолор ,,Инникигэ хардыы» күрэххэ хаста да кыайыылаах тахсыбыттар.  Итини истэ олорон ,абаҕабын, В.Л Сенькины санаан ыллым. Ити курдук бииртэн биир эҕэрдэлэр, кинигэ туһунан санаалар аата-ахса суох этиллэ турдулар.

А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй оскуолатын дириэктэрэ И. А. Сивцева кинигэ биһирэмигэр үөрэнээччилэрин аҕалбытын адьас ис сүрэхпиттэн хайҕаатым ,астынным. Оҕолор маннык тэрээһиннэргэ сылдьаллара хайаан да наада дии саныыбын, оҕолорбут утуму салҕыыр дьон буолаллар онон сайдар-үүнэр аналлаахтар. 80-ус сааспар чугаһыахпар диэри, кыра кылааска гражданскай сэрии кыттыылааҕын Г. Платоновы-Чалапыыһы оскуолаҕа ыҥыран көрүһүннэрбиттэрин билигин да бу баардыы өйдүүбүн. Маннык хаптайбытым, итинник буулдьаны аһарбытым дии-дии, остуол анныгар төҥкөйдөҕүнэ,  остуол аннын көрөөрү төҥкөйдөххө, киһибит кэпсии турар буолара, эбэтэр Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии биир кыттыылааҕа Гагарин И.Я. , омурдун иһин хаһан буулдьа ханан дьөлө көтөн тахсыбытын көрдөрөр буоларын сааһым тухары өйдүү сылдьабын. Сэрии ынырыга  өйбөр хаалбыт.

Аким Константинович хаан аймаҕа Аграфена Алексеевна Баишева саҥа кэрэхсэбиллээх сонуннаах кэлбит этэ. Кини Аким Константинович эһэтин , бэйэтин хос эһэтин НОТТУО аатынан общественнай холбоһук тэринэн регистрацияланан нолуок кумааҕытын ылан кэлбиттэрин иһитиннэрдэ,барыбыт сэҥээриитин ылла. Ити общественнай хамсааһын тэринэн нэһилиэктэригэр туох-эмэ саҥа хамсааһын таҕыстар диэн санааттан тэриммиттэр. Үчүгэйдик тэринэн Граҥҥа тиксэн, нэһилиэктэрин сайдыытыгар күүс-көмө  буолар сыалтан. Ити НОТТУО диэн хос эһэтин хос аата маннык үөскээбит  эбит. НОТТУО «Нэһилиэгин олоҕуттан туора турума, уйгуулаах олохтон»- диэн.

Бу курдук «Олус истиҥ, аһаҕас кэпсэтиһии, ырытыһыы, көрсүһүү буолла» — диэн дьон-сэргэ астына тарҕаста.

Марфа Петрова.

Читайте дальше