Таатта улууһа кыстыкка бэлэм

Саха киһитэ былыр-былыргыттан самаан сайынтан саҕалаан, көмүс күһүҥҥэ диэри уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнии түбүктээх үлэтин көрсөр. Ол курдук дьон-сэргэ кырыа кыһын кэлиитэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи кыстыкка көһөрөн, идэһэни туттан, сылы туоруур хаһаас аһын-үөлүн булунар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата нэһилиэнньэни олохтоох, хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы сүрүн соруктарынан салайтаран үлэлиир.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Гаврил Кычкин билиһиннэрбитинэн быйыл улуус үрдүнэн сыллааҕы үүт былаана 4171,2 туонна ылыныллыбытыттан, билиҥҥи туругунан тохсунньу алтынньы ыйдарга 3758,1 туонна үүт туттарылынна.

Үрүлүйэр үрүҥ илгэни туттарыы кыраапык быһыытынан ылыныллыбыт былаан туолуоҕар диэри ыытыллара былааннанар.

«Таатта» СХПК дириэктэрин солбуйааччы Яков Егасов сырдаппытынан Тааттыныскай нэһилиэк маҕаһыыннарынан биир күҥҥэ 500 лиитэрэ үрүҥ ас, 600 киилэ эт уонна эттэн оҥоһуллубут полуфабрикат, 450 килиэп  аттыыга тахсар. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэригэр уонна Дьокуускай куоракка дуогабар быһыытынан икки сиргэ нэдиэлэҕэ иккитэ 2 туонна үрүҥ ас атыыга барар.

Сыл тахсар от былаана толорулунна

Тааттатааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын агронома Евгения Пинигина иһитиннэрбитинэн Таатта улууһа быйыл кыстыкка киириигэ 14 473 төбө сүөһүнү, 14 389 сылгыны сыл таһаарар былааннаах. Быйыл улуус үрдүнэн от былаана 37030 туонна ылыныллыбытыттан уопсайа 32446 га сиртэн 37418 туонна оттонон, от былаана 101,0% толорулунна. Ол курдук Уус Амма — 132%, Амма – 107,9%, Дьүлэй — 103%, Дьохсоҕон 101,2, Октябрьскай – 101%, Баайаҕа — 100%, Хара Алдан 100%, Даайа Амма — 100%, Уолба – 99, 7%, Тааттыныскай — 99%, Тыараһа – 98,6%, Игидэй – 95,5%, Орто Амма – 95,2%, Алдан – 91,9% сыл тахсар оту оттоотулар. Оттооһун былаанын толорууга бастыҥ көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар Уус Амма, Амма нэһилиэктэрэ киирдилэр. Алдан, Игидэй, Орто Амма, Тааттыныскай, Тыараһа, Уолба нэһилиэктэрэ кыранан от былаанын толорботулар. Сыллааҕы былаан туолбатах сүрүн биричиинэтинэн сааскы халаан уутун содулугар үрэх уута ходуһаларга хонон, уу түспэккэ оттоппотоҕуттан таҕыста.

Сүөһү, сылгы эбии аһылыгын бэлэмнээһин былаанынан 1860 туонна сенаж, 600 туонна сиилэс бэлэмнэниэхтээҕиттэн, барыта холбоон, 2500 туонна сиилэс уонна сенаж бэлэмнэннэ.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан ыраах сытар сирдэргэ тиийэн оттуур мобильнай биригээдэлэргэ туһааннаах көмө оҥоһуллар. Таатта улууһугар быйыл от үлэтигэр уопсайа 28 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлээтэ. Ол түмүгэр уопсайа 5310 туонна от оттонно.

Билиҥҥи туругунан биирдиилээн кырыымчык оттоох хаһыйыстыбалар эрдэттэн үлэлэһэн, кыстыкка киириигэ улуус иһиттэн былааны куоһаран оттообут нэһилиэктэртэн от атыылаһан, сыл тахсар отторун булунуохтара.

Сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ сүрүннээн «Победа» (сал. М.И. Саввин), «Хочо» ТХПК (сал. В.К. Татаринов), бааһынай хаһаайыстыбалартан А.А. Маркова, Н.Н. Иванов, И.И. Слепцов туруулаһан туран, былааннаахтык үлэлээтилэр.

Уус Амма нэһилиэгэр Иван Дмитриевич Саввин салайааччылаах улууска соҕотох бурдук үүннэрэр хаһаайыстыба былырыын «Таатта улууһа» МО дьаһалтатын өйөбүлүнэн хара паар ньыматын туһаныыга үлэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр быйыл Уус Амма хаһаайыстыбата сүөһү, сылгы эбии аһылыгар 100 туонна эбиэһи хомуйда.

Улуус үрдүнэн 147,1 га сиргэ хортуоппуй олордуллан, уопсайа 1349 туонна хомулунна, 27,2 гааҕа оҕуруот аһын үүннэрэн, 890 туонна ылылынна.

Онон оттооһуҥҥа уонна эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ туруоруллубут соруктар, ылынныллыбыт былааннар толорулуннулар.

Мария Павлова.

Читайте дальше