Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» бастакы түһүмэҕэ саха литературатын биһигэ буолбут талба Таатта сиригэр ыытылынна.

Ааспыт үйэ бастакы аҥарыттан үөрэхтэнэн барбыт саха дьоно урут олоҥхоһуту, сээркээн сэһэнньити истэрин оннугар аны ааҕыынан умсугуйан барбыта. Ол иһин 1960-с сыллартан ыла сахалыы кинигэ, сурунаал, хаһыат тираһа үлүннэриилээх тиэстэ курдук үксээбитэ. Күн бүгүн ол ааҕар үгэспит аныгы кэм тыыныгар оҕустаран сөҕүрүйэ быһыытыйда.

Ол эрээри күн бүгүн ол үтүө үгэһи өрө туппут ыаллар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэри өйүүр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар уонна ааҕыыны сөргүтэр сыаллаах сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ саҥа улахан бырайыагы тэрийдэ.

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларынан кулун тутар 4 күнүттэн дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» бастакы түһүмэҕэ саха литературатын биһигэ буолбут талба Таатта сиригэр ыытылынна. Таатта улууһугар барыта 9 дьиэ кэргэн  хамаанда туруоран кэлэн кытыннылар: Аржаковтар (Чөркөөх), Матвеевтар (Дьохсоҕон), Кустуровтар (Баайаҕа),  Даниловтар (Уолба), Павловтар (Чычымах), Никитиннар (Туора Күөл), Дорофеевтар, Бурмистровтар, Кычкиннар (Ытык Күөл).

Күрэхтэһии 4 түһүмэҕинэн тургутук ньыматынан бэрт сэргэхтик ыытылынна: бастакы түһүмэх «Саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччилэрэ», иккис түһүмэх «Бастакы норуодунай суруйааччылар»,үһүс түһүмэх «Сэрии саҕанааҕы», төрдүс түһүмэх «Аныгы кэм литературата».

Оонньууга орто уонна үрдүкү кылаастарга үөрэнэр оҕолор төрөппүттэрин уонна эбэлэрин, эһэлэрин кытта, ол эбэтэр үс көлүөнэ араас кэрдиис кэмҥэ суруллубут айымньылары, суруйааччылар олохторун билиигэ билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр. Хас биирдии түһүмэх бүппүтүн кэннэ ыытааччы, “Чолбон” сурунаал эппиэтинэстээх сэкэрэтээрэ Туяра Степановна тутатына эппиэттэри көрдөрөр уонна кыттааччылары кытта ырытыһарын бары сэргээтилэр.  Дьүүллүүр сүбэҕэ Гаврил Гаврильевич, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ уонна Софида Софроновна, Ытык Күөллээҕи киин библиотека методиһа үлэлээтилэр. Кинилэр тутатына бэрэбиэркэлээн, күрэхтэһии түмүгүн таһаардылар.

Күрэхтэһии түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан Баайаҕа нэһилиэгиттэн Кустуровтар дьиэ кэргэн, иккис миэстэҕэ Ытык Күөлтэн Бурмистровтар дьиэ кэргэн, үһүс миэстэҕэ Туора Күөлтэн Никитиннэр дьиэ кэргэн ыллылар.

Кустуровтар дьиэ кэргэн  өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар түһүмэххэ Таатта улууһун аатыттан кыттыыны ылар кыахтаннылар.

Кылаан кыайыылаах кыттааччы Кустурова Полина Николаевна санаата:

Биһиги бүгүн бу оонньууга кыттаары Баайаҕаттан айаннаан кэллибит. Оонньуу форматын олус сэргээтим. Сорудахтарын экраҥҥа көрөн олорон суругунан толороҕун. Толкуйдуурга бириэмэ биэрэллэрэ олус үчүгэй. Уруучукаҕын тутан олорорун эмиэ көмөлөөх курдук. Оонньууга билэр да билбэт да боппуруостарбыт бааллар. Эрдэттэн литератураны төрдүттэн билэр киһи үчүгэйдик кыттыан сөп эбит. Араас оҕуруктаах ыйытыылар бааллар. Уопсайынан интэриэһинэй оонньуу буолан ааста. Ааҕааччыларга литератураҕа интэриэс үөскэтэр.

Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бэрэссээдэтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, «Чолбон өй күрэһин» тэрийээччитэ  Андросов Гаврил Гаврильевич санаата:

Чолбон сурунаал «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуута» саха литературатын сырдатар, пропагандалыыр, ааҕар дьиэ кэргэттэри көрдүүр, булар уонна кинилэри киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыалтан саҕалаабыт бырайыакпыт буолар. Бу күрэх биһиги сурунаалбытыгар тахсыбыт айымньыларга, биһиги сурунаалбыт историятын кытта быһаччы ситимнээх. Саха литературатын төрдө, биһигэ буолбут Ытык Тааттаттан, бастакы эрэдээктэрбит Алампа дойдутуттан оонньуубутун саҕалаатыбыт. Таатта сирэ-дойдута биһиги оонньуубутугар кынаттанан киэҥник, далааһыннаахтык, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көтөрүгэр кыах биэриэ диэн эрэнэбит, итэҕэйэбит. Мантан салгыы Чурапчы, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, онтон Бүлүү бөлөх уонна киин улуустарга оонньуубут үчүгэйдик барыа, чахчы саха литературатын ытыктыыр, таптыыр дьиэ кэргэн кыайыылаах тахсан Өлүөнэ очуостарыгар сынньаныа диэн эрэнэбит.

Лидия Аргунова

Читайте дальше