Былырыын 2023 сыл өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ. Бу сыл чэрчитинэн үлэ дьонун өрө тутар, үлэни уруйдуур дьоҥҥо «Үлэ киһитэ» бириэмийэни олохтуур туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Бастыҥ 50 үлэһит «Үлэ киһитэ» бириэмийэни туппуттара. Бастыҥнар кэккэлэригэр Арассыыйа үтүөлээх фермерэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Таатта Харбалааҕар “Булуус” бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммит Ариада Анатольевна Маркова буолар.
Ариада Анатольевна 2004 сыллаахтан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, бу күҥҥэ диэри 306 төбө сүөһүнү кыстатан, күн бүгүн 80-н тахса сүөһүтэ төрөөн, кыстыгы этэҥҥэ туоран эрэллэр.
Бааһынай хаһаайыстыба сүрүн кыһалҕата – оттуур сир кырыымчыга буолар. Былырыын 170 туонна оту атыыласпыттар. Сыл аайы ыаллыы нэһилиэктэри таһынан Амма, Хаҥалас улуустарыттан эбии от атыылаһан кыстыыллар.
Амма өрүс уҥуор баазалаахтар, үүттэрин таһарга эрэйи көрсөн олороллор. Быйыл «Баай Ас» кэпирэтиибин кытта дуогабардаһан үүттэрин Уолба нэһилиэгэр таспыттар. «Бу сайын дьэ бэйэбитигэр үүппүтүн астыыр-үөллүүр буолабыт” диэн кэпсээтэ, Ариада Анатольевна.
Ариада Анатольевна бириэмийэтин 300 тыһыынча солкуобайы, онно эбинэн Белорусь трактор ылбытын үөрэ-көтө кэпсээтэ.
«Үрдүк наҕарааданы ылбыппыттан наһаа үөрэбин. Бу ситиһиилэрбит биһиги дьиэ кэргэн ситиһиитэ буолар. Бары биир өйүнэн-санаанан салайтаран кэллибит. Онуоха Ил Дархаммыт, бырабыыталыстыбабыт уонна төрөөбүт министиэристибэбит тирэх буолалларын иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Үлэбит өссө иннигэр, сир оҥоһуутунан дьарытаныахпыт, онно тыраахтарбыт көмөтө улахан», -диэн санаатын үллэһиннэ.
Быйылгы «Үлэ киһитэ” бириэмийэҕэ Таатта дьоно баар буолуо диэн эрэнэбит.
Елена Слепцова.