Чөркөөххө Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах “Ойор-тэбэр оҕо сааһым” бырааһынньыктааҕы тэрээһин оскуола былаһааккатыгар буолла. Араас күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кытыннылар.
«Үҥкүүлээ.. » К-рор Сover Dance үҥкүү конкурсугар бөлөҕүнэн толорууга кылаан кыайыылаах аатын 2-с кылааһы бүтэрбит кыргыттар ыллылар. 2500 солк. суммалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Кылаас салайааччыта В. В. Дьяконова.
Биирдиилээн толорууга кылаан кыайыылааҕынан 4-с кылааһы бүтэрбит Амилия Жегусова буолла, 1000 солк. сертификатынан наҕараадаланна.
Флеш-моб үҥкүүгэ бастыҥ үҥкүүһүт анал ааты Жора Слепцов ылла. Уонна эмиэ 1000 солк. сертификатынан наҕараадаланна. Бары кыттыбыт оҕолорго кэмпиэт, утах бэрилиннэ.
“ Чи-Таймер” мүнүүтэҕэ түргэнник ааҕыыга күрэхтэһиитигэр оҕолор Ийэ олоҥхоһут П. Е. Решетников — Көһөҥө Бүөтүр олоҥхотун аахтылар. Түмүгэ:
1м.- Чехченнонов Сарыал
2м.- Жегусов Ваня.
3м.- Татаринова Күннэй
“ Кырдьык — сымыйа” оонньууга
1м — Эльберякова Виктория
2-3м — Жегусова Амилия
2-3 м — Чехчоннонов Сарыал
Мелинэн асфальтка уруһуй конкурсун түмүгэ.
1м.-Слепцова Карина
2м.-Никитина Виктория
3м.- Макарова Мира
Спортивнай күрэхтэһиилэр түмүктэрэ.
Обруч эргитиитэ:
1 м. Решетникова Вилера
2 м. Решетникова Вилияна
3 м. Лопатырева Лаура
Кыргыттарга скакалка:
1 м. Жегусова Аксинья
2 м. Жегусова Амилия
3 м. Решетникова Вилияна
Уолаттарга скакалка:
1 м. Филатов Эрсан
2 м. Слепцов Жора
3 м. Ушницкий Саян
Кыайыылаахтар бириистэринэн наҕараадаланнылар.