Ытыктабыллаах бэчээт эйгэтигэр үлэлии сылдьар биир идэлээхтэрбит, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэрбит, күндү ааҕааччыларбыт!
Эһигини «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай автономиялаах тэрилтэтин аатыттан, тус бэйэм ааппыттан саха бастакы көлүөнэ национальнай интеллигенциятын көҕүлээһининэн бастакы сахалыы тыллаах хаһыат тахсыбыт, Саха сиригэр национальнай бэчээт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин.
«Саха дойдута» бастакы сахалыы тыллаах хаһыат тахсыаҕыттан саха тылын харыстыыр уонна сайыннарар соругу туруорбута күн бүгүҥҥэ диэри сүрүн сорукпут буолар. Төрөөбүт тылбыт тыыннааҕын, сайдарын, дьайарын тухары норуот быһыытынан тыыннаах буолуохпут, омук быһыытынан уратыбыт, култуурабыт, искусствобыт, литературабыт кэскиллээхтик сайда туруо. Ол туһугар күннэтэ тылы сөптөөхтүк, таба туттан дьоммутун кырдьыгы тутуһар, үтүөҕэ, үрдүккэ кынаттыыр суруйуулары тиэрдэр ытык соруктаах саха бэчээтин сайыннарыахтаахпыт.
Күндү биир идэлээхтэрбит, ийэ тылга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ, тылгытын чочуйуҥ, бөрүөҕүт сытыы, этиигит бэргэн буоллун! Уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэрбит, олоххо-дьаһахха бэлиэ сабыытыйалары, түгэннэри, сонун, сэргэх көстүүлэри сырдатан, хаһыат үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыҥ. Күндү ааҕааччыларбыт, хаһыаты дьиэ кэргэнинэн ааҕыҥ, өрөспүүбүлүкэ, улуус сонуннарын сэргэҕэлээн билэ сылдьыҥ, үүнэр ыччаттаргытыгар саха тыллаах хаһыаттары, сурунааллары ааҕан, сахалыы толкуйдаах, дойдуларын, норуоттарын сайдыытын туһугар туһалаах дьон буолалларын көҕүлээҥ.
Эһиэхэ бука барыгытыгар, эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн бэйэни, бигэ туругу, дьоллоох олоҕу, или-эйэни баҕарабын.
Генеральнай директор Н.М. Стручкова.