Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо
күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Олоҥхо төрөөбүт дойдуга тапталы, кырдьык өрөгөйдөөһүнүн, сырдык күүс хара
дьайы кыайарын хоһуйар сүдү айымньы. Олоҥхо бухатыырыгар норуот тыына,
кэскилгэ эрэлэ түмүллэн сылдьар. Норуот үтүөҕэ сирдиир, кэрэҕэ, үрдүккэ
кынаттыыр, ыарахаттары туоруурга үөрэтэр, көмөлөһөр дириҥ билиитин,
муудараһын иҥэриммит олоххо көҕүлүүр олоҥхобут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
бэриллэн иһэр. Элбэх омуктаах норуот үгэс буолбут сыаннастарын сүтэрбэт
туһугар бүгүн биһиги үйэлэр тухары мунньуммут духуобунай уонна култуурунай
үйэлээх баайбытыгар тирэҕирэбит.
Дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн тэриллибит
«Россия» эрэгийиэннэр ситиһиилэрин көрдөрөр норуоттар икки ардыларынааҕы
быыстапкалаах форумҥа өрөспүүбүлүкэбит киэҥ хабааннаах бырайыактары олоххо
киллэрэр ураты сир-уот быһыытынан кытынна. «Саха сирэ – Олоҥхо дойдута»
экспозициябытыгар туруоруллубут Аал Луук Маһы уонна Ньургун Боотуру
дьон-сэргэ сөҕө-махтайа, кэрэхсии, биһирии көрдө. Быыстапка бастакы күнүгэр
15 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Онон быыстапка бүтүөр диэри, ол аата
2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри, Сахабыт сирин култууратын, үгэстэрин,
ситиһиилэрин сүүһүнэн тыһыынча киһи көрүө-билиэ турдаҕа.
Бу сыл бэлиэ култуурунай тэрээһининэн Тымныы полюһугар – Өймөкөөн улууһугар
ыытыллыбыт XVI өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа буолбута. Манна Хотугу
аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар култууралара көрдөрүллүбүтэ. Бу
иннинэ Олоҥхо Ыһыаҕа хотугу оройуоннартан Верхоянскай улууһугар эрэ
ыытыллыбыта. Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕын чэрчитинэн 80-тан тахса тэрээһин
буолбута. 200-тэн тахса олоҥхоһут өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска күрэс
былдьаспыта. Олоҥхо Тыйаатырын 15 сыллаах үбүлүөйүгэр мин эһэм Андрей
Титаров олоҥхотугар олоҕуран «Хардааччы Бэргэн» испэктээги туруорбуттарыгар
киэн туттубуппун бар дьоммун кытта үллэстэбин.
Быйыл сыл ахсын ыытыллар Олоҥхо декадатыгар үгэс быһыытынан элбэх тэрээһин
буолара былааннанар. Төрүт култуураны илдьэ сылдьааччыларга – олоҥхо
толорооччуларга, оһуохай этээччилэргэ уонна уустарга иккис төгүлүн, оттон
норуот маастардарыгар – бастакытын стипендия туттарыллыаҕа. Декада Аммаҕа
оҕолор ортолоругар олоҥхо толорооччулар куонкурустарынан түмүктэниэҕэ. Оттон
эһиил Амма сиригэр-уотугар XVII өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллыаҕа.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Барыгытыгар эйэни уонна үтүөнү, чөл туругу
уонна энчирээбэт эрчими, ситиһиилэри уонна табыллыыны, этэҥҥэ буолууну уонна
дьолу баҕарабын! Олоҥхо алыптаах дойдутугар ыалдьыттааҥҥыт кэрэҕэ тиксиҥ,
сэргэхсийиҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
А.С. Николаев