Сайыны туһалаахтык атаарыахха

Ытык Күѳлгэ сайынын детсадтар үлэлиир буоланнар, дьиэ кэргэн үлэлиир, хаҺаайыстыбатын сайыннарар усулуобуйалара үѳскэтиллэн, тѳрѳппүттэр махталларын ылаллар. “Кэнчээри” детсад быйыл бэс ыйыгар толору үлэлээн, биэс уонча кырачааннары кѳрѳр–истэр, оҕолору кытта эдэр уонна уопуттаах иитээччилэр, ньээҥкэлэр, повардар сэбиэдиссэй Гульнара Ивановна Федорова салайыытынан бадьыыстаһаллар. Кинилэргэ ыалдьыттыы тиийэ сырыттыбыт уонна тугу билбиппитин-кѳрбүппүтүн ааҕааччыларбытыгар үѳрэ-кѳтѳ тиэрдэбит.


Сайыҥҥы кэми дьиэ кэргэҥҥэ хайдах атаарыахха сѳбүн туһунан санаатын үллэстэр Федорова Г.И., “Кэнчээри” детсад салайааччыта:
Кыһыҥҥы түбүктээх үлэ, үөрэх кэнниттэн дьон үксэ сайыҥҥы сынньалаҥҥа, оҕолор уһун каникулга баран дьиэ кэргэн саамай түмсэр кэмнэрэ буолар. Сайыҥҥы кэми дьиэ кэргэҥҥэ хайдах атаарыахха? Сайын хас биирдии ыал оҕуруот олордон, от оттоон, сир астаан кыһыҥҥы кыстыкка бэлэмнэнэр. Дьиэ кэргэн буолан туран хас биирдии ыал туспа дьарыктаах буолуохтаах. Дьиэ ис-тас үлэтин барытын тэҥҥэ оҥорон, ийэ, аҕа оҕону үлэҕэ сыһыарыахтаах, ол эрэн сайын устата дьиэ-уот үлэтэ эрэ буолбакка, элбэхтик айылҕаҕа сылдьан сынньалаҥ кэмнэри атаарыахтаах. Биһиги Сахабыт сиригэр араас кэрэ, дьикти, кыраһыабай айылҕалаах сирдэр бааллар, оҕолорбут соҕуруунан эрэ буолбакка, бэйэбит дойдубутугар сиэдэрэй көстүүлээх сирдэри кэрийэн, айылҕаҕа сылдьан сынньанан, дуоһуйан кэлэллэрэ быдан туһалаах.
Кыһынын сайыҥҥы сылаас күннэрбитин ахтан баран, аны сайынын куйаастан хайдах быыһанабыт диэн кэпсэтэбит. Куйаастан хайдах харыстанарга биллэн турар бэрэбиэркэлэммит ньымалар бааллар – ууну, утахтары иһии, инчэҕэй сотторунан соттуу, душ, сөтүө уо.д.а.
Оттон соҕуруу, сылаас дойдулар олохтоохторо куйаастан аһыы ас көмөтүнэн быыһаналларын элбэх киһи билбэт буолуохтаах. Индия, Кытай, Таиланд, Мексика дойдуларыгар аһыы биэрэс араас көрүҥэ баар. Аһыы, ол аата туустаах, сытыы биэрэстээх ас биир сүрүн кистэлэҥэ киһи этин температуратын аччатарга көмөлөһөр. Өҥүрүк куйааска биһиги үксүн ыраас ууну иһэбит, буспут–хаппыт турукпут арыый ааһыахча курдук буолар да, уубут сотору өссө тиритиннэрэр, тыыҥҥын-быаргын хаайар эбээт! Кырдьык, бу кэмҥэ организм бэйэтин саппааһын мунньунар, ол түмүгэр биһиги өссө буһабыт. Аһыы ас олох атыннык үлэлиир, эти-сиини күүһүрдэр, сылытар, бу түмүгэр киһи тиритэр эрээри, бытааннык уу буолар. Киһиэхэ «С» битэмиин кини көлөһүннэрбэтигэр күүскэ көмөлөһөр, онон ордук күнүскү аһылыкка элбэх «С» битэмииннээх аһы аһыыр туһалаах.
Аны итии аһылык туһунан. Дьиҥэр үгүс киһи куйааска итии аһылык наада диэҥҥэ итэҕэйбэт буолуохтаах, ол гынан баран итии аһылык организмы, чахчы, биллэ сөрүүкэтэр эбит.
Өбүгэ аһыттан үүт астан утахтар ордук туһалаахтар, ымдааны дьиэҕэ–уокка бэрт судургутук оҥостуохха сѳп. Ыраас иһиккэ суораты уунан убатан буккуйабыт уонна мууһу кѳѳрѳтѳн кутабыт. Амтанын тупсаран сүѳгэй эбиэххэ сѳп. Ымдааны тутатына иһэбит. Быырпах оҥорорго суорат, уу, амтан тупсарарга сгущенка уонна кѳѳнньѳрүгэр анаан саахардаан ытыйан, сылаас сиргэ туруорабыт, биир –икки хонук кэмиттэн кэмигэр ытыйан биэрэ сылдьан кѳѳнньѳрѳбүт. Сѳрүүн сиргэ уура сылдьан иһэбит, иһиппит түгэҕэр кѳѳнньѳрүү хаалларарбытын умнубаппыт.
Төрөппүттэр сайын самаан кэмнэригэр дьиэ кэргэнинэн уопсай дьарык булан, оҕолордуун бииргэ оонньоон, айан-тутан, умнуллубат күннэри атаарыахтарын, бэйэ-бэйэлэрин кытары истиҥ сыһыаннарын бөҕөргөтүөхтэрин баҕарабын. Урукку кэмҥэ оҕолор наар таһырдьа сүүрэн-көтөн, оонньоон тахсаллара, билигин оннук маассабай оонньуу сылдьар оҕолору көрөр ахсааннаах. Үксүн көмпүүтэр, төлөпүөн тутан, онно оонньууллар, бу төрөппүттэр, биһиги улахан дьон төлөпүөннэрбитин илиибититтэн араарбат буолуубутуттан таҕыста. Оттон төрөппүттэр, эбэлэр-эһэлэр киэһэ ахсын дьиэ кэргэнинэн оонньуулары тэрийэллэрэ, аралдьыталлара, бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллара, араас туһалаах сүбэ биэрэллэрэ, быһааран кэпсииллэрэ, остуол тула олорон, хабылыктыыллара, хаамыскалыыллара, лотуолууллара, хаартылыыллара, тыксаанныыллара, саахымакка, дуобакка күрэхтэһиилэри тэрийэллэрэ буоллар, сайдыы эрэ буолбакка, сахабыт да тыла кэхтиэ суоҕа этэ. Сүүрүүлээх-көтүүлээх да, өй үлэтин эрчийэр оонньуулар оҕону бары өттүнэн сайыннараллар, манна бэлэм остуол оонньуутун арааһа баар, анал маҕаһыыннарга атыыланаллар. Ону оҕо сааһынан көрөн, анаан-минээн дьарык оҥостон, мантан сайын дьиэ кэргэнинэн бииргэ оонньооҥ диэн сүбэлиибин.
Кырачааннарга 2-4 саастаах оҕолорго оонньуулар судургу соҕус буолаллар. “Сиэркилэ” диэн оонньууга оҕо “сиэркилэ” буолар, төрөппүт хамсаныытын барытын үтүктэн иһиэхтээх. Бастаан судургу хамсаныылартан саҕалаан баран, аҥаар атахха ыстаҥалааһын, харбыыр, үҥкүүлүүр курдук хамсаныахха сөп. Ол кэнниттэн оруолгутун уларытыһаҕыт, оҕо хамсаныылары толкуйдуур. “Кыыллар”, бу оонньууга оҕолор кыыл буолаллар, төгүрүччү тураллар, төрөппүт – ыытааччы. Кини хамаандатынан оҕолор араас хамсаныылары толороллор: куобахтар – ыстаҥалыыллар, ынахтар – муостарын көрдөрөллөр, маҥырыыллар, ыттар – тылларын таһааран баран, аҕылыыллар, чыычаахтар – кынаттарынан сапсыналлар, о.д.а.
Тарбах былчыҥнарын сайыннарыы оҕо сайдыытыгар саамай туһалаах оонньуунан ааттаналлар, ол курдук, холобур маннык оонньуулары оонньотуохха сөп.
«Кумахха уруһуй». Таһырдьа кумахха эбэтэр дьиэҕэ нэлэгэр иһиттэргэ куруппалары кутуҥ уонна араас уруһуйу оҥотторобут, үтүгүннэриэххэ эмиэ сѳп. Бу кэнниттэн арыый уустугурдан, анал сорудаҕынан уруһуйдатыахха, күрэстэһиннэриэххэ сөп.
Иитээччи идэтэ биир саамай элбэх сыраны, сатабылы эрэйэр идэ. Иитээччилэр мэлдьи оҕону сааратаары тутатына айа сылдьар буолааччылар, оннук киһинэн “Кэнчээри” детсад иитээччитэ Бурнашева Евдокия Семеновна буолар, кини: “Оҕо оонньоон улаатар, сайдар диэн этии былыр да, быйыл да инники күѳҥҥэ турарын умнумуохха наада”, — диэн кэпсээнин саҕалаата:
-Мин иитээччи идэтин талан саҥа үлэлии сылдьабын, оҕолору кытта күннэтэ алтыһарбын сѳбүлээтим. Оҕо оонньоон-оонньоон киһи буолар, оонньуу нөҥүө аан дойдуну арыйар. Улаатан эрэр оҕо этэ-сиинэ сибиэһэй салгыҥҥа, күн уотугар наадыйар, ол иҺин сайын быйаҥын, үтүѳтүн муҥутуурдук туһанан хаалыахтаахпыт. Биллэн туран сайылыктаах, эбэлээх-эһэлээх оҕо абыранар.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕолор куруук төлөпүөҥҥэ сайыннары олороллор, оонньообокко, тэһийбэккэ, телефон суох буоллаҕына ытаһар-соҥоһор, хаппырыыстыыр буоллулар. Маныаха кинилэри аралдьытыахха, оонньотуохха, дьарыктыахха, ону тэҥэ, күннээҕи эрэсиимнэрин тутуһуннарыахха наада. Таһырдьа оонньонуллар хамсаныылаахх оонньууллар оҕо сымса, болҕомтолоох буоларын, ѳйдѳѳн истэр дьоҕурун сайыннарар. Маннык уопсай быраабылалаах оонньуулар оҕо майгытын эмиэ чочуйаллар. Холобур, «Кустаах-быһый», футбол, пионер-бол, бырыычыкалаҺыы уо.д.а. тѳрүт оонньуулар бааллар.
Уһун айаҥҥа оҕону аралдьытарга, таарыйа сайыннарарга олорон эрэн оонньуулары тэрийиэххэ сөп, холобур, “Дьиэ малларын ааттаа”, “Буукубаттан тылла таһаар”, онтон ардахтаах, сѳрүүн киэһэлэргэ дьиэ кэргэнинэн остуол оонньууларын оонньуубут, оҕо биир саамай дьоллонор туруга, дьоно бары бааллар, бииргэ оонньууллар, алтыһаллар.
“Дьаабылыканы хомуй”. Хортуоҥкаттан мастары кырыйан баран, онно тимэхтэри тигиҥ. Дьаабылыкалары кырыйан баран, быанан, сабынан иҥиннэртээҥ, тимэх курдук уһуллар буолуохтаах. “Дьаабылыкаларбыт буспуттар, сиппиттэр, үүнээйибитин хомуйуох!” диэтэххитинэ, оҕо дьаабылыкалары устуохтаах. Ол кэнниттэн төттөрү иҥиннэриэхтээх. Бу оонньуу оҕо тарбахтара сайдалларыгар туһалаах.
«Түүнү (баатаны) үрүү». Бу оонньуу сѳпкѳ уонна сатаан тыынарга туһалаах. Баата кыра лоскуйдарын оҕолорго биэрэҕит. Ким баатата бастакынан биэтэккэ кэлэр эбитий диэн күрэхтэһии буолар. Оҕолор баатаны үрэллэр, илиилэринэн тыытыа суохтаахтар. Тыыппыт киһи төттөрү төннөн, саҥаттан саҕалыыр, эбэтэр оонньууттан туоруур. Бу курдук тугу баҕарар үрүөххэ сөп. Оҕо тыҥатын сайыннарар. Арыый улахан оҕолор тустуук оҥорон туһуннаран күрэхтэһиэхтэрин сѳп.
«Көстүбэт сурук». Кумааҕыга лимон сүмэһининэн уруһуйдааҥ, эбэтэр суруйуҥ. Куурбутун кэннэ, ууга дьуот кутан, суурайан баран, киистэнэн ол уутунан кумааҕыны сотоҕут. Оччоҕо суруккут, эбэтэр уруһуйгут көстөн кэлиэ. Ону тэҥэ, кумааҕыга үүтүнэн суруйуохха сөп. Куурбутун кэннэ, чүмэчи уотугар тутан, кэнниттэн кыратык кэриэртэххэ, сурук көстөн кэлэр. Болҕойуҥ! Оҕолорго уотунан оонньуур сатамматын өйдөтѳргүтүгэр.
«Кылааты көрдөөһүн». Биир мотуок сап быатын түмүгэр кэмпиэти, эбэтэр оонньууру, туох эрэ бэлэҕи баайан баран, кистээн кэбиһэҕит. Мотуок сабы дьиэ иһигэр онон-манан субуйан, суолгутун кистиигит. Оҕоҕо мотуок сабы туттаран кэбиһэҕит, кини бу сабы эрийэн, кылаатын булуохтаах. Иккиһинэн, сап оннугар саппыыскалары туһаныахха сөп. Оҕо кыайан аахпат буоллаҕына, уруһуйдаан, иккис саппыыска ханна баарын ыйаҕыт. Бу курдук саппыыскалары көрдөөн, бүтэһигэр кылаатын булан ылар. Эбэтэр, кылааты көрдүүр каартаны уруһуйдуохха эмиэ сөп. Бу курдук үгүс оонньууну толкуйдаан, оонньоон-кѳрүлээн, сѳтүѳлээн, сир астаан, оттоон-мастаан үтүѳ сайыны атаараргытыгар баҕарабын!
Сайынын Саха сирин күнэ олус күүскэ тыгар, ханнык да сылаас дойдулартан итэҕэһэ суох. Кыра оҕо бэйэтин сатаан хонтуруолламматын билэбит, онон «Кэнчээри» детсад тѳрѳппүтэ, дерматолог быраас Уварова Мария Николаевна сүбэтин тиэрдэбит.
Кини сүбэлиир
Оҕону күнтэн хайдах харыстыахха, тѳрѳппүт тугу гыныан сѳбүй?! Оҕо тириитэ улахан киҺиттэн атына суох курдук эрээри, нарын-намчы буолар. Ол иһин кыра киҺи ордук таҥаһын кѳрүѳхтээхпит, таҥас хлопоктан тигиллибит, киэҥ-куоҥ буолуохтаах, илиитин-атаҕын сабара ѳссѳ ордук. Тѳбѳтүгэр хайаан да күнтэн хаххаланар бэргэһэ ирдэнэр, оҕо оройун күн тэһэ кѳрүѳ суохтаах. Маны таһынан билигин киэҥник туттуллар күнтэн харыстыыр араас кремнэри туттар табыгастаах. Ол курдук аптекаларга атыыланар боростуой, аллергиялаппат, састаабыгар арыыта суохтар, креми соттоххо баара–суоҕа биллибэтэ ордуктар. Сѳтүѳ кэмигэр оҕо ууттан таҕыстаҕын аайы сотобут, кѳннѳрү таһырдьа оонньуур кэмигэр иккилии-үстүү чаас буола-буола биһэр кѳдьүүстээх, Күнэ суох күҥҥэ эмиэ соттобут, былыт быыһынан күн сардаҥата сиргэ тиийэр, дьайыыта баар буолар, «ультрафиолетовый индекс» диэн ѳйдѳбүлү билэбит, маннык сүбэ оҕоҕо эрэ буолбакка, биһиэхэ улахан дьоҥҥо эмиэ туһалаах. Оҕо оонньуур, сынньанар сирэ күлүктээҕэ ордук, элбэх уу иһэрдэр булгуччулаах.
Иитээччи идэтигэр кэлбит киһи бу ананан кэлэр дьон диэххэ сѳп, тоҕо диэтэххэ, биитэр үйэҥ тухары хаалаҕын, биитэр аҕыйах хонугунан «атахха биллэрэҕин». Биир оннук олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыт киһинэн отучча сыл иитээччинэн үлэлиир Павлова Фекла Семеновна буолар. Кини үлэлиирин былаһын тухары оҕо сахалыы сатаан саҥарарын, санаатын сайа этэригэр болҕомтотун ууран кэллэ. Эдэр сылдьан араастаан артыыстаан, дьоруой уобарастарын арыйбыт эбит буоллаҕына, кэлин оҕо тыйаатырын тэрийиинэн үлүһүйэр. Кырачааннар бэйэлэрэ артыыстыыллар даҕаны, куукула нѳҥүѳ эмиэ оонньууллар эбит. Үгүс сыллар тухары Фекла Семеновна кырачааннарын кѳрдѳѳх саҥаларын мунньар.
Бу курдук сэргэх, тустаахха суолталаах кэпсээннээх “Кэнчээри” детсад мантан сайын күүстээх эрэмиэн үлэтин былааннаабыттар, үлэһиттэр санааларын ууран саҕалаабыттар, кинилэргэ махтанан, сайыҥҥы быйаҥнаах кэмнэри баҕара хааллыбыт.

Кэпсэттэ Александра Прудецкая, “Таатта” хаһыат общественнай кѳмѳлѳһѳѳччүтэ.

Хаартыскаларга: Сайыҥҥы детсад иитээччилэрэ Евдокия Семеновна, Фекла Семеновна (хаҥастан уҥа), ортоку детсад сэбиэдиссэйэ Гульнара Ивановна, “Кэнчээри” детсад тас кѳстүүтэ.

Читайте дальше