Тааттаҕа сайыҥҥы лааҕырдар үлэлиэхтэрэ

Быйылгы 2024 сыллаах сайыҥҥы сынньалаҥ былааннанарынан уопсайа Таатта улууһугар 23 лааҕыр, 128 үлэһиттээх, үс сайыҥҥы ыйдарга 915 оҕону хабан үлэлиэхтэрэ.

Ыам ыйыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийии улуустааҕы хамыыһыйа мунньаҕа оскуола дириэктэрдэрин, иитэр үлэҕэ солбуйааччылары кытта буолара былааннанар. Бу мунньах түмүгүнэн сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийэр лааҕырдар көҥүл ыланнар бэс ыйын 5 чыыһылатыттан арылларга бэлэмнэниэхтэрэ.

Хас биирдии оскуолаҕа сайыҥҥы күнүскү лааҕырдар сүрүннээн алта хайысханан үлэлииллэрэ былааннанар.
Алампа аатынан Ытык Күөллээҕи 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолата быйыл түөрт лааҕыр тэрийэн үлэлэтиэ. Сылын ахсын элбэх оҕону хабан үөрэх хаачыстыбата тупсуутугар хайысхаланан үлэлиир «Сайдам» күнүскү лааҕыр, оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйар «Тулуйхан» күнүскү лааҕыр, элбэх ситиһиилээх чинчийээччилэри иитэн таһаарар «Үнүгэс» палаточнай лааҕыра уонна ураты хайысхалаах бэйэбит дойдубут историятын археология көмөтүнэн үөрэтэр «Ника» палаточнай лааҕыр үлэлиэхтэрэ.

Д.А.Петров аатынан 2-с нүөмэрдээх Ытык Күөл ОО быйыл икки этэрээтинэн арааран 4 кылааска киирэр үөрэнээччилэригэр, орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр анаан бэс ыйыгар үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр хайысхалаах «Сайдыс» лааҕырын үлэлэтиэ.

Тааттатааҕы лиссиэй сыллата үлэлэтэр «Умсулҕан» лааҕыра Чычымах нэһилиэгэр «Ситим» лааҕыр сиригэр үлэлиирэ былааннанар. «Политолог» палаточнай лааҕыр Чөркөөхтөөҕү государственность музейга арыллыаҕа. Ону таһынан элбэх хайысхалаах «Прорыв» уонна «Дьоҕур» күнүскү лааҕырдар үлэлиэхтэрэ.
Агро хайысхалаах оскуолалар А.Е. Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар «Үүнээйис», Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатыгар «Талбаана», Н.Д.Неустроев аатынан Уус Таатта ОО «Үүнүү», М.Н.Турнин аатынан Тыараһа ОО «Чэчир», Х.И.Кашкин аатынан Даайа Аммата ОО «Садаана», Г.Д.Бястинов аатынан Чымынаайы ОО «Уһуйаан» үлэ уонна кыраайы үөрэтэр хайысхалаах оскуола иһинэн күнүскү лааҕырдар тэриллиэхтэрэ.
В.И.Ленин аатынан Уолба ОО «Ай-талаан» элбэх хайысханан сатабылы үрдэтэ, Г.В. Егоров аатынан Хара Алдан ОО «Кырсаада» доруобуйаны бөҕүргэтэр, И.Н.Гуляев аатынан Туора Күөл ОО «Ача» кыраайы үөрэтэр, эдэр чинчийээччилэри уһуйар, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй ОО «Сындыыс» доруобуйаны бөҕүргэтэр уонна үлэ хайысхалаах, И.М Хатылаев аатынан Баайаҕа ОО экологическай, үлэ, үөрэх хаачыстыбатын тупсарар хайысхалардаах күнүскү лааҕырдар элбэх оҕону хабан үлэлиэхтэрэ.

Чымынаайы оскуолата «Уодай» базатыгар военно-патриотическай хайысхалаах «Юный патриот» палаточнай лааҕырын арыйар былааннаах.
Чычымах ОО «Унньулалаах» сиригэр 2021 сыллаахха өрөспүүбүлүкэттэн үбүлэнэн, хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, үһүс сылын саҥа «Ситим» лааҕыр толору үс сезон үлэлиэхтээх. Лааҕырга оҕолору чинчийэр үлэҕэ сыһыарар, спортивнай, тыл баайын сайыннарар саха тылыгар уонна литературатыгар аналлаах сезоннар ыытыллыахтара.

Сыллата үрдүк таһымнаахтык ыытыллар «Мандар кыһата» лааҕыр Баайаҕа ОО оҕолору төрүт дьарыкка уһуйан, саҥа ааттары таһаарыа диэн эрэнэбит. Ону тэҥэ Чөркөөх орто оскуолатыгар «Сардаана» лааҕыр ситимнээх үлэтин салҕаан бэс ыйыгар кыраайы үөрэтэр хайысхалаах оҕолору түмэн арыллыа.
П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар «Сардаана» хонуктаах лааҕыра бастакы сезоҥҥа музейы уонна кыраайы үөрэтэр хайысхалаах үлэлиэҕэ.

Анал байыннай эпирээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар көмө быһыытынан тэриллэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин лааҕырдарыгар анал сменаларга, өрөспүүбүлүкэ таһыгар Краснодарскай кыраай чэбдигирдэр лааҕырдарга сынньаныахтара. Быйыл сайын үрдүкү кылаас оҕолоро Тааттатааҕы дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө, быстах кэмҥэ дуогабар түһэрсэн 125 үөрэнээччини хабыа. Манна барытыгар анал бырагыраамалардаахтар, хас биирдии оҕоҕо туһаайыллан оноһуллубут буолан үөрэнэргэ, кэтээн көрөргө, дьарыктанарга туһалааҕын бэлиэтиир наада.
Улууспут оскуолалара бэһис чиэппэри туһааннаах хайысхаларын тутуһан, былааннахтык үлэлииргэ, сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийэргэ бэлэмнэр.

Ол курдук, оҕолор сайыҥҥы кэми туһалаахтык атаара, бары доруобай, чэгиэн буолалларын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу сайыҥҥы сынньалаҥ түмүктэрэ тутатына аныгы олох сиэринэн социальнай ситимнэргэ тахса, сырдатылла туруохтара.

Ю.Т.Егорова, улуус үөрэх управлениетын методическай көмөтүн отделын сүрүннүүр специалиһа.

Читайте дальше