А.Е.Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр «СИТИМ» лааҕырын оҕолоро сүрдээх интириэһинэй айаҥҥа баран кэллилэр. Айаммыт үс хонукка киэҥ баай ис хоһоонноох, көрсүһүүлэрдээх былаанын толордо.
«СИТИМ» лааҕыр оҕолорун «Айанньыт бэлиэтээһинэ” дневниктэриттэн
Бастакы күммүтүгэр, Павловскайга өр сыл Өксөкүлээх үөрэҕин тарҕатааччы, үйэтитээччи, учуутал Галина Васильевна Егорова дьиэ кэргэнигэр сылдьан, сыалбытын кэпсээн, улахан сэҥээриитин истэн баран, бастакы дьоһун уруогу кини ыытта, оҕолору хайҕаата, Өксөкүлээҕи өссө салгыы үөрэтиҥ, ааҕыҥ диэн алгыстаах атаарда.
Салгыы Хачыкаакка биир дойдулаахпыт, Уус Тааттаттан төрүттээх, культура үлэһитэ Галина Гаврильевна Игнатьева көрсөн, “ытыс иһигэр түһэрэн” ылан, Буотамаҕа бизонарийга атаарда.
Бизонарийы тэрийээччи, бу комплексы олохтообут Семен Семенович Егоров биэрэккэ катердаах көрсөн, салгыы уунан айан саҕаланна.
14 км устан, Буотамаҕа киириигэ федеральнай көҥүл ылан, салгыы микроавтобуһунан айаннаан, дьэ, бизоннар сөбүлээн мэччийэр ходуһаларыгар тиийдибит. Манна Дмитрий диэн сүрдээх билиилээх, сэргэх кэпсээннээх, географ – экскурсовод эдэр үлэһит, оҕолор болҕомтолорун тарта. Бу бизонарийга биир үөр (стадо) баар эбит: 42 бизон, онтон 7 атыыр, 18 тыһы, 12 ньирэй, 5 – һэ кырдьаҕас бизоннар. Бизон саамай уһуннук олорор кэмэ 25 сыл, үөрү тыһылар тутан сылдьаллар эбит. Оҕолор ордук, бизоннар адьырҕа кыылтан хайдах үөрдэрин көмүскүүллэрин сэргээн иһиттилэр.
Семен Семенович сүрдээх кыахтаах, ылыннарыылаах тыллаах, киэҥ дириҥ билиилээх, дьоһун салайааччы эбит. Бэйэтинэн көҕүлээн, дьонун кытта тэбис – тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар. Күн ахсын элбэх туристар тиһигин быспакка кэлэ тураллар эбит.
Бизонарийтан тахсаат, Буотаматтан 7 км уунан айаннаан Тукулааҥҥа тиийдибит. Сахабыт сиригэр баар, айылҕа биир кэрэ миэстэтин сөҕө көрдүбүт.
Салгыы, эмиэ уунан айаннаан, Хачыкаакка тиийдибит. Ити сырыыбыт барыта 42 км буолла.
Хачыкаакка С.П.Башарин аатынан орто оскуола үлэһиттэрэ уонна Галина Гаврильевна үөрэ – көтө көрүстүлэр. Ыраахтан анаан, сыал – сорук оҥостон кэлбиппитин хайҕаатылар, сөхтүлэр.
Оскуолаҕа экскурсиялаатыбыт, кабинеттары көрдүбүт. С.П.Барашковка аналлаах муннугу наһаа үчүгэйдик оҥорбуттар. Кэпсииллэрин сэргээн иһиттибит.
Хачыкаат биһиги нэһилиэкпит саҕа нэһилиэнньэлээх эбит. Нэһилиэк боростуой үлэһит дьоно уруһуйдаабыт хартыыналара, оскуола биир коридорун устата ыйаммыттар, сыалай галерея, бииртэн биир кэрэ хартыыналар нэһилиэк кэрэ көстүүлэрин, историятын кэпсии тураллар. Салгыы информатика кабинетыгар киирэн, виртуальнай музейдарын кэпсээтилэр, онно үөрэнээччилэри хайдах сыһыаран үлэлэтэллэрин көрдөрдүлэр.
Дьэ уонна оскуолаттан тахсан, салгыы сквергэ тиийдибит, Өксөкүлээх уонна Барашков доҕордоһууларын бэлиэтэ памятникка сүгүрүйдүбүт. Стеллаҕа суруллубут хоһоону долгуйа аахтыбыт.
Доҕордоһуу итии тыына
Үйэлэргэ сүппэтин!
Инникигэ, сайдыыга
Алгыс буола туруохтун!
Кэнэҕэски көлүөнэҕэ
Холобурга сырыттын.
Хаартыскаҕа биир дойдулаахпыт, Хачыкаакка олохсуйбут Галине Гаврильевна.
Салгыы, 1910 сыллаахтан Өксөкүлээх уонна Барашков бииргэ алтыспыт, олорбут, биллэр улахан айымньылара суруллубут, киэҥ алаастарыгар турар сквердэригэр, сүрдээх киэҥ бааһыналардаах, көнө ньуурдаах, чахчы улуу дьон алтыспыттарын туоһулуур ытык сиргэ сырыттыбыт.
Бурдук ыһыллыбыт бааһына устун, аргыый сэрэнэ хааман иһэн, чахчы сайа охсор салгына, тыалтан суугунуур тыата, кэрэ көстүүлээх киэҥ киэлитэ, саха норуотун чулуу дьоно, ааспыт үйэлэргэ алтыспыт, хаампыт, сүүрбүт, айбыт – туппут, инникини кэрэһэлээбит, түүллэригэр кытта көрбүт, доҕордоһуу диэн күүстээҕин туоһулуур, кэнчээри ыччаты угуйар дьикти айылҕалаах улуу алаас буолар эбит диэн санааҕа кэлэбит.
Манна оҕолорбут, төһө да киэһэ 10 чаас буоллар, Галина Гаврильевна сүрдээх сэргэх кэпсээнин – сэһэнин иһиттилэр. Боччумнаахтык көрдүлэр.
Салгыы Кыһыл Үрүйэҕэ Дьохсоҕоммут оскуолатын выпускницата Светлана Софронова хонор сирбитин дьаһайан, сылаас минньигэс астаах сандалы тардан, хоннорон, үөрэ – көтө көрүстэ.
Иккис күммүт маршрута: Булуус – Самыртай музейа – Туруук хайа – Күрүлүүр.
Айаммыт эриэ – дэхси, санаа хоту табыллан, сылайар – салҕар диэни санаан да көрбөккө, олус чэпчэкитик табыллан истэ.
Саха киһитин сиэринэн, хас биирдии дьиэ кэргэнтэн алгыстаах алаадьыбытын, саламабытын оҕолорбут бэйэлэрин санааларыттан аргыый уура, баайа сылдьалларыттан үөрдүбүт.
Иккис күммүтүн Булууска тиийэрбитигэр кыратык ардахтаан, кэрэ айылҕатын быылын сайҕаан, сөрүүн тыалынан ибирдии имэрийэн, аатырбыт Булуус мууһун ыраас, сибиэһэй, көй салгынынан түөһү толору тыыннаран, айылҕаттан бэриллэр ыраас, муус тымныы ууну ытыспытыгар тоһуйан ыймахтаан, чахчы айылҕалыын алтыстыбыт. Хаартыскаҕа дуоһуйа түстүбүт. Күөх айылҕа уонна хаар – муус алтыспыт дьикти айылҕатын көрдүбүт.
Күөрдэм – Дьөппөн 2 нэһилиэгин диэки айаммыт соруктаах суолун тутан, «Самыртай» музей – комплексын көрө – истэ айаннаатыбыт. Бу комплекс, биһиги Дьохсоҕоммут курдук кыра нэһилиэккэ, олохтоохтор баҕа санааларынан, өйөбүллэринэн, сатабылларынан тутуллубут, дириҥ ис хоһоонноох матырыйааллаах, чахчы киэн туттар кииннэрэ буолуон буолбут түмэл эбит. Салайааччы Матрена Иннокентьевна Захарова сүрдээх интириэһинэйдик, киһи истэ олоруох курдук кэпсээтэ, экспонаттары көрдөрдө, оголор ыйытыыларыгар эппиэттээтэ.
Бу эҥэргэ бас – көс дьон быһаарыыларынан Иккис Дьөппөҥҥө Николаевскай таҥара дьиэтин тутуута 1892 сыллаахха саҕаламмыт. Тутууга Семен Барашков уонна Гаврил Павлов түһээн хомуйбуттар уонна бэйэлэрин үптэрин сиэртибэлээбиттэр.
1989 сыллаахха Суорун Омоллоон, СР культураҕа министерствотын сорудаҕынан, таҥара дьиэтин Суоттуга көһөрөргө диэн этиилээх тиийбитин, нэһилиэк дьоно муста охсон, мунньахтаан, сүбэлэһэн хааллартарбыттар.
1990 сыллаахха “Октябрь 50 сыла» совхоз директора Н.Ф.Трофимов музейга диэн анаан 4 квартиралаах дьиэни биэрбит. 1991 сылтан саҕалаан, СР культуратын туйгуна, энтузиаст Роберт Константинович Захаров «Самыртай» кыраайы үөрэтэр музей – комплексы тэрийбит. Музей саха дьонун олоҕун – дьаһаҕын көрдөрөр экспонаттарынан байытыллыбыт, кыылларын – көтөрдөрүн чуучулалара (1992 сыллаахха оҥоһуллубуттар уонна билигин да тураллар), архивнай докумуоннар, хаартыскалар — барыта бааллар.
Аны Күөрдэм нэһилиэгэ тимир уустарынан аатырар эбит. Кинилэр тимиртэн оҥорбут, таптайбыт, уһаарбыт оҥоһуктара бааллара уонна ааттара – суоллара үйэтитиллибиттэрэ элбэҕи кэпсиир.
Комплекс тиэргэнин иһигэр 18 – с үйэҕэ баай Барааскап бурдук куурдубут икки этээстээх ампаара, 19 – с үйэҕэ тутуллубут Марковтар диэн ыал алта муннуктаах ампаардара «Даркылаах” сайылыктан кеһерүллэн аҕалыллыбыттар.
Саҥа сквер оҥорон эрэллэр эбит. Онно 5 сиринэн уу чуумпутук цеменинэн скульптура оҥоро сылдьар дьоҥҥо тиийдибит. Дьиҥинэн, «Таас — уус» фестивала буола турарын эрдэ истибиппит.
Тиийэн кэпсэтэн билбиппит, республика скульптордара уонна Иркутскайтан ыҥырыылаах уустар Самыртай скверигэр үлэлии сылдьаллар эбит. Арай биһиги көрдөхпүтүнэ, 3 миэтирэ үрдүктээх, сүҥкэн үлэлэри, олоҥхо бухатыырдарын оҥортуу сылдьаллар. Кэрийэ хаама сылдьан, биир дойдулаахпытын Илиан Павловы көрсө түстүбүт. Кинини, Чөркөөх суолугар турар аттаах Ньургун Боотуру, Тохтобул алааска Кээрэкээн ойууну оҥорбутунан оҕолор билэллэр.
Биир дойдулаахпытын көрөн үөрдүбүт, оҕолорбутугар билиһиннэрдибит, кэпсээнин иһиттибит. Дьэ уонна Самыртай диэн туох тылый диэн оҕолор ыйыттылар. Самыртай уонна кини бииргэ төрөөбүт бырааттарын туһунан үһүйээни Илиан Павлов оҕолорго сэһэргээтэ уонна бу фестивальга Самыртайы оҥоро сылдьарын көрдөрдө. Салгыы телефонугар ханна туох скульптуралары оҥорбутун кердерде, биһигини сөхтөрдө. Чахчы талааннаах, нууччалыы эттэххэ, самородок эбит.
Салгыы Туруук хайа чыпчаалыгар тахсан, Хаҥалас улууһун кэрэ айылҕатын үөһэттэн, ытыска ууран турар курдук, көрөн астынныбыт.
Дьэ уонна Күрүлүүр диэки айаннатан, соруктаах айаммытын түмүктүөхтээх “Айанньыт бэлиэтээһинэ” уруокпутун киэһэ, утуйуохпут иннинэ ыытыахтаахпытын былааннанан, үөрэ – көтө, дуоһуйа, түһэр сирбитин оҥостон, Күрүлүүр саамай көстүүлээх күрүлгэнин таһыгар 5 палатканы кэккэлэччи туруораат, комплекс устун дуоһуйа сынньанар гына оҥостон, барытын кэрийэ, хаартыскаҕа түһэрэ, көрө – билэ ойдубут.
Киэһээҥи аһылыкпытыгар биэдэрэнэн бидиличчи мин буһардыбыт, чэй оргутуннубут. Оҕолор дуоһуйа сөтүөлээн таҕыстылар.
Дьэ уонна түмүктүүр уруокпутун икки хамаандаҕа арахсан, суруйан, хаһыакка ыытарга, бу бастакы сонун ыстатыйабытын бэлэмнээтибит.
Сүрдээх таһаарыылаах айааммытытыттан бары астына үөрдүбүт.
Оҕолор икки күннээх сырыыларын, былдьаһа – былдьаһа кэпсэтиһэн, сурукка тиһэн биэрбиттэриттэн, биһиги, салайааччылар, бэйэбит санаабытын холбоон, оҕолорбут бу дьоһун “Айанньыт бэлиэтээһинэ” суруйууларыгар үөрэ – көтө кыттыстыбыт.
3-с күммүтүгэр дойдубут диэки айан суолун туттубут. Икки улуус Улуу дьонун олорон ааспыт, алтыспыт олохторун сөҕө көрөн – истэн, билбэппитин билэн, Доҕордоһуу сүдү күүһэ – биһиэхэ, кэнчээри ыччакка, истиҥ илдьит, солун суолдьут буолбутун өйдөөн, Хаҥалас дьоһун дьонугар Махтал тылларын тиэрдэбит.
Айаммыт аартыктара оҕолорбутугар арыллан биэрдэ, арчылаата.
Ыраах айантан кэлэн, аҕыйах хоноот, эрдэттэн ылыммыт сыалбытын толороору, лааҕырбыт үлэтин түмүктээри, Ытык Баайаҕа сиригэр, Мандар Уус кыһатын, комплексын көрдөрө, Ытык киһибит Ийэ тылын истэ, кэнчээри оҕолорбутугар көрсүһүннэрэ, аат ааттаан айаннаатыбыт.
Тааттабыт улууһугар баар биир киэн туттар музей – комплекспытын оҕолорбутугар көрдөрдүбүт. Музей үлэһиттэрэ оҕолору батыһыннара сылдьан, бииртэн биир дириҥ ис хоһоонноох музей хосторун аанын аһан истилэр, сүрдээх элбэх үһүйээннэри иһиттибит, хас биирдии экспонат, хартыына, оҥоһук үйэлэри уҥуордаан кэлбит сэһэнин сэҥээрдибит. Туос ураһаны сөҕө – махтайа көрдүбүт. Ураһа киирэр ааныттан саҕалаан, оһуор – ойуу дьиктилээх эйгэтигэр киирдибит, ойуу – мандар сэһэнин сөҕө иһиттибит. Былыргы дьыллар мындааларыттан үйэлэри уҥуордаан, саха киһитэ айылҕалыын ситимин, кини мындырын, ууһун, толкуйун өйдөөн сөхтүбүт.
Түмүкпүтүгэр Ытык кырдьаҕаспытыгар Мандар Ууска дьиэтигэр баран, сахалыы балаҕаҥҥа төбүрүөннээн олорон, Ытык киһибит кэпсээнин иһиттибит. Хаартыскаҕа түстүбүт.
Дьохсоҕон оскуолатын иһинэн 3 сыл СИТИМ диэн ааттаан проект суруйан, кыраайы үөрэтэр лааҕыры тэрийэн үлэлэттибит. Алаастарынан, Ытык бэлиэ сирдэринэн сатыы сылдьан, музейдары көрөн, сүрдээх кэрэхсэбиллээх сэһэннээх дьоһун дьону кытта алтыстыбыт.
Онон, бу үс сыллаах үлэбит, айаммыт кэнчээри оҕолорбутугар, ыччат дьоммутугар, кэлин үлэһит, дьоһун дьон буолалларыгар, саныылларыгар да бэлиэ – өйдөбүл буолуоҕа диэн бүк эрэллээхтик, үлэбитин түмүктээтибит.
Ыстатыйа “СИТИМ” лааҕыр оҕолорун “Айанньыт бэлиэтээһинэ” дневниктэригэр олоҕуран сурулунна. Салайааччылар Т.Л.Попова, Д.К.Давыдова. 08.07.2023 сыл. Дьохсоҕон – Хаҥалас.