Сайыҥҥы сынньалаҥмыт элбэх умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтиир. Ол курдук атырдьах ыйын 1 чыыһылатыттан 15 дылы Чөркөөххө «Сардаана» лааҕырга сылдьан туойунан дьарыктаныым буолар. Уопсайа 12 оҕо Ытык Күөлтэн, Чөркөөхтөн, Туора Күөлтэн уонна Уолбаттан олус эйэлээхтик сылдьан күммүт биллибэккэ ааста.
Бастакы күннэргэ лааҕыр аһыллыыта буолбута. Онтон күн аайы туойунан дьарыктаммыппыт. Салаайааччыбыт Светлана Ананьевна арааһынай техникаҕа үөрэттэ — пластынан, жгутунан көҥдөй иһиттэри оҥордубут. Икки күн Кыйыттан норуот маастара Матвеева Ульяна Васильевна кэлэн гончарнай станокка үлэлииргэ үөрэттэ. Бастыкы күн бэйэтин оҥоһуктарын, араас быыстапкаларга кыттыытын туһунан кэпсээн сөхтөрдө. Ол кэннэ бука бары станокка чааскы оҥордубут. Ону таһынан харысхаллары оҥорорго үөрэттэ. Лааҕырга сылдьан хас да оҥоһугу онордум: кытыйа, көмүлүөк, харысхаллар, буруолатар балаҕан, магниттар, сувенир куоска уонна чааскы. Туойга үөрэнэрбитин таһынан аһаҕас халлаан анныгар Суорун Омоллоон олохтообут политическай сыылка историятын кэпсиир музейыгар уонна Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар сырыттыбыт. Бу курдук бары бииргэ оонньоон-көрүлээн олус үчүгэйдик сынньанныбыт, элбэх саҥаҕа үөрэннибит, сонуну биллибит, элбэх доҕордоннубут. Закрытиеҕа быраһаанньыктааҕы аһылык уонна хас биирдиибитигэр минньигэс кэһии түҥэттилэр.
Туойунан үлэлиир наһаа интэриэһинэй уонна киһини сайыннарар, үөрэтэр дьарык эбит. Лааҕырга сылдьан элбэҕи биллим, үөрэнним, үтүө доҕоттордоннум. Сайыммын туһалаахтык, умнуллубаттык атаардым.
Ангелина Данилова, Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.