Бука барыгытын кэтэһиилээх, долгутуулаах самаан сайыммыт салаллан кэлбитинэн, Үрүҥ Тунах Ыһыах күнэ тосхойбутунан улуус дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыһыах — сайын кэлиитин, Үрүҥ күн өрөгөйдөөһүнүн өр күүтүллүбүт бырааһынньыга. Ол сырдык санааны уонна олох үөрүүтүн кэрэһитин, саха норуотун национальнай үгэстэрин чөлүнэн хаалларыы уонна салҕаан иһии чаҕылхай холобурун быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр.
Ыһыах — айылҕа уһуктуутун, Саха Республикатын бары норуоттарын дьоллоох олохторун уонна этэҥҥэ буолууларын кэрэһитэ. Онно норуот дууһатын баайа, дьон икки ардыгар доҕордоһууну уонна хардарыта өйдөһүүнү бөҕөргөтүүгэ, араас чугасаһыыларыгар уонна хардарыта байытыһыыларыгар дьулуһуу арылхайдык көстөр. Ыһыах үгүс омуктаах Саха сирин бары олохтоохторун бииргэ түмэр, государственнай таһымнаах дьиҥ-чахчы чаҕылхай үөрүүнэн-көтүүнэн, республикабыт бары дьонун умнуллубат уонна үтүөкэн бырааһынньыктарынан буолла.
Күндү талыы-талба мааны Тааттам дьоно-сэргэтэ! Сир ийэ иччилэригэр сүгүрүйэн, Аар Айыылар чугаһыыр кэмнэригэр арчыланан, оһуохайдаан, үтүөнү түстээн түмсэн туран Ыһыах күнүн үөрүүлээхтик атаарыаҕыҥ! Барыгытыгар чэгиэн туругу, үтүө санааны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Айаал Бурцев, Таатта улууһун баһылыга