Тимирбит хараабыллар кылааттара… Бу тылларга төһөлөөх элбэх романтика баарый?… Хаһан эрэ кылааты тиэйэн иһэр хараабыллары кытта муора, акыйаан күөх далайын түгэҕэр төһөлөөх тыһыынчанан туонна кыһыл, үрүҥ көмүс көмүллүбүтэ буолуой? Айылҕа төттөрү ылбыт баайын икки атахтаах куруутун бэйэтигэр төнүннэриэн баҕарар да, ол үксүгэр кыаллыбат суол.
КЭРИЭСТЭЭН УУРУЛЛА СЫЛДЬАР ЫТЫК МАЛ
Улуу монголлар көрүөхтэн үчүгэй көстүүлээх кэрэ троннара сэттэ сыл оҥоһуллубута уонна киһи аймах ортотугар айан оҥоһуу үрдүк чыпчаалынан сыаналаммыта. Трон сүүһүнэн улахан изумрудунан, хаан курдук кыһыл шпинелинэн, бриллианынан, рубинынан, сапфирынан, жемчугунан киэргэтиллибитэ. Ойоҕоһугар икки павлин ойуута баара. Павлиннар кутуруктарын айылҕа айбыт дьүһүнүн үтүктэн, оннук дьүһүннээх күндү таастарынан кутуллубута. Онтон харахтара улахан алмаас тааһынан киэргэтиллбитэ. Павлин үтүө төрүттээх ыраахтааҕы көтөрүнэн ааҕыллар. Трон ыраас сир көмүһүттэн оҥоһуллубута. Бу троҥҥа үрүҥ көмүһүнэн кутуллубут кирилиэһинэн тиийэллэрэ. Трон европеецтар курдук кириэһилэҕэ буолбакка, тахтааҕа маарынныыра. Трон үрдүн көмүс балдахина үрүҥ көмүс синньигэс боробулуоханан хатыллыбыт, үүнээйинэн уонна ойуунан киэргэтиллибит, онно эбии виноград угун курдук эриллибит буолара. Оҥоһуу сибэкки киинэ халлаан күөх сапфиртан, онтон эминньэхтэрэ от күөх изумрудтан оҥоһуллубуттара. Балдахин уон икки кыһыл көмүс тутулуктааҕа. Падишах иннигэр, кинини араҥаччылыыр изумруд, рубин тулалаан турар сүүнэ улахан алмаас таас ыйанан турара. Номоххо киирбит «павлин» трон улуу монголларга баара. Кини Ытык уонна харыстанар малларга киирсэрэ. Трон атын итэҕэллээх дьонтон кыраҕытык кэтэниллэрэ. Биир ытык итэҕэллээх киһи – биллиилээх айанньыт уонна күндү тааһы эндэппэккэ билэр француз ювелира Жан – Батист – Таверны трону эт хараҕынан көрбүтэ. Таверны: «Мин маннык дьикти үчүгэйи хаһан да, ханна да көрбөтөҕүм», — диэн эрэннэрбитэ уонна трону алта мөлүйүөн фунт стерлиҥҥэ сыаналаабыта.
1665 сыллаахха Шах – Джахана уола Ауранг – Зеб бэйэтин баайын көрдөрүүгэ туруорбута. Онно кини сыаналаах күндү таастары ыйаан, сыаналыырга көҥүллээбитэ. 1737 сыллаахха сэрииһит Надир – Шах ахсаана биллибэт элбэх сэриинэн Хотугу Индияҕа тоҕо ааҥнаан киирбитэ. Индия норуота кэрэ оҥоһуктарын кытта «павлин» трону Надир – Шах бэйэтин кытта илдьэ барбыта. Персия баһылыга өлбүтүн кэннэ чугас дьоно трону кини бииргэ төрөөбүттэригэр биэрбиттэрэ. Сотору кэминэн трон «Ост – Индия» хампаанньатын бэрэстэбиитэлигэр кистээн атыыламмыта. Халаммыт атын кылааттары кытта тэҥҥэ «павлин» тронун англичааннар биллибэтинэн, чып кистэлэҥинэн, метрополитеҥҥэ илдьэргэ быһаарыммыттара.
УОДАҺЫННААХ ОЧУОСКА КӨРСҮҺҮҮ
«Ост – Индия» хампаанньа фрегатын хапытаана Коксон хараабылга анал оҥоһуулаах сиргэ 19 дьааһык олус сыаналаах мал баарын соҕотоҕун эрэ билэрэ. Сүрүн баайтан «павлин» трону ураты алмаас, рубин, сапфир, изумруд, кыһыл, үрүҥ кутуу, көмүс манньыат барыта холбоон, уопсайа 15 мөлүйүөн фунт стерлинтэн тахса сыаналааҕа. Хапытаан кэргэнигэр: «… сотору мин кылааттаах тиийэммин Англияны барытын аймыам!» — диэн суруйбута. Ол эрэн, бу кэтэһиилээх түгэн туолбатаҕа. «Гросвенор» эргиэн суднолара тохтуур Тринкомали пордуттан 1782 сыллаахха бэс ыйын 15 күнүгэр айаннаабыта. Ол күн Англия холуонньатыгар сулууспалаан бүппүт эписиэрдэр уонна чиновниктар устан иһэллэрэ. Үксүлэрэ кэргэннээхтэрэ. Коксон үс нэдиэлэнэн дьиэтигэр тиийэр былааннааҕа. Фрегат бортугар барыта этэҥҥэ этэ. Уларыйа сылдьар аргыс тыал кэннилэриттэн үрэрэ. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр күннээх уонна чуумпу сарсыарда үүммүтэ. Хапытаан сабаҕалааһынынан Соҕуруу Африка илиҥҥи кытылыттан 100 км. баара. Нөҥүө күнүгэр киэһэ саҕахха Добрай Надежда тумуһа көстүөхтээҕэ. Онтон түүн буурҕа саҕаламмыта. Хапытаан: «Биэрэккэ диэри өссө да ыраах», — диэн эрэллээҕэ. Ол эрээри сэрэнэн, баарыстары аччатарга дьаһал биэрэн баран, баахтабай мотуруостары эбэргэ соруммута. Нөҥүө күн сарсыардатыгар баахтабай мотуруостар: «баран иһэр сирбит туһаайыытынан тумул көһүннэ. Модун баал хараабылы кытыл аттынааҕы таастарга илдьэн иһэр!» — диэн ыксаабыт, ыгылыйбыт хаһыы иһиллибитэ. Хапытаан соһумар иэдээни таһаарбат туһугар дьаһаллары биэртэлии сатаабыта да, ким да, тугу да тохтотор кыаҕа суоҕа, хараабыл таас диэки устубута… Ону кытта тэҥҥэ, сүҥкэн, тоҕо барар тыас иһиллибитэ да, улахан дьөлө охсууттан хараабыл тимирбитинэн барбыта. Мотуруостар очуоска дьаакырдаах ханааты иҥиннэрбиттэрэ уонна ону бөҕөргөппүттэрэ. Ол устун очуоска тахса сатаабыттара да, үксүлэрэ түллэҥнии турар долгуҥҥа тимирбиттэрэ. Хамаанда ыксалынан оҥоһуллубут үс болуокка оҕолору уонна дьахталлары туораппыта. Биир болуот түҥнэстибитэ. Онно баар дьон барыта суорума суолламмыта. Бу түгэҥҥэ «Гросвенор» сүҥкэн улахан дьөлөҕөстөн сиэттэрэн, хаҥас өттүгэр иҥнэйбитэ уонна сотору буолаат, тимирбитэ… Силлиэ тохтообутун кэннэ, хараабылга баар пассажирдар ортолоруттан 370 сүтүгү аахпыттара, экипаж чилиэниттэн уопсайа 123 киһи, дьахталлары уонна оҕолору ааҕан туран, 20 пассажир тыыннаах хаалбыта. Ол эрээри бу быыһаныы суола буолбатах этэ. Тыыннаах хаалбыт дьон инникитин Африка өстөөх биистэрэ, хоргуйуу уонна араас ыарыы кэтэһэрэ. Кэлин, биир олохтоох баһылык буолуохсут гаремыгар үрүҥ дьахталлар баар буолбуттарын туһунан сурах иһиллибитэ. Сыл аҥара буолан баран, Голландия фордугар аҕыйах ахсааннаах дьүдьэйбит мотуруос сүөдэҥнэһэн кэлбитэ.
ТУҺАТА СУОХ КӨРДӨӨҺҮННЭР
Британия бырабыыталыстыбата «Гросвенор» өлүүтүн истээт даҕаны, быыһыыр экспедицияны ыыппыта. Алдьархай буолбут сиригэр тиийэн, фрегат хайыы-үйэ уу аннынааҕы уодаһыннаах очуостарынан быраҕыллан, дириҥ далайга кылааты кытта тимирбит диэн биллэрбитэ. Хараабыл кистэлэҥ таһаҕастарын туһунан чуолкайа суох сурах сыыйа Европаҕа уонна Эмиэрикэҕэ тарҕаммыта. Остуоруйаҕа кэпсэнэр баайдар туһунан кэпсээннэр, чэпчэкитик байар-тайар баҕалаахтары ымсыырдыбыта, үксүлэрэ тимирбит хараабыл миэстэтигэр субуруспуттара. 200 сыл устата ким сүрэхтээх хараабыл кылаатын бултаспыта. 1800 сыллаахха Александр Линсей уонна Сидней Тернер 30 водолаһы наймыласпыттара да, кинилэр люкка тиийбэтэхтэрэ. Быһылаан буолбут сириттэн 1000 кыһыл уонна үрүҥ көмүс манньыаты булбуттара. Ол экспедиция ороскуотун саппатаҕа. Кэлин 40 сыл иһигэр «Гросвенору» көтөҕөргө боччумнаах үлэ ыытыллыбатаҕа. Кырдьыгынан эттэххэ, кылаат көрдөөһүнүнэн аттынааҕы дэриэбинэ олохтоохторо дьарыктаналлара. Ол эрээри кинилэр булумньулара быраабыла курдук аҕыйах манньыатынан, ювелир оҥоһугунан бүтэрэ.
1842 сыллаахха Великобритания адмиралтействота хапытаан Бадуэҥҥа соһумар иэдээн буолбут дириҥ уутугар үлэлиир байыаннай инженердэри ыыппыта уонна «Гросвенору» көтөҕөр былааны оҥорорго соруйбута. Кинилэр сыл курдук үлэлээн баран, хараабыл ханан сытарын чопчу билбиттэрэ. Тимирбит хараабыл уу түгэҕэр баар икки очуос таас икки ардыгар сытара. Хараабылы аҥарыгар диэри кумах тибэн кэбиспит этэ. Инженердэр: «Маннык буоллаҕына, сотору төрүт да хостуо суохпут», — диэн санааларын биллэрбиттэрэ. 1905 сыллаахха «Гросвенору» ууттан хостуур туһунан сандикат (холбоһуктаах хампаанньа) тэриллибитэ. Хараабыл биэрэктэн чугас тимирбит буолан, ханаал хаһан, биэрэккэ соһон таһаарарга былааннаабыттара. Тимирбит хараабыл сытар сиригэр бастыҥ хааччыллыылаах үс хараабылы ыыппыттара. Ол эрээри, бу мантан туох да туһа тахсыбатаҕа. Күөх далайга сотору-сотору буурҕа түһэн, хараабылы кумаҕынан тибэн, дьон үлэтин биирдэ сотон иһэрэ. 1906 сыллаахха 13 пушканы кытта 250 кыһыл көмүс манньыат хостоммута. Синдикат: «кылааттар кэккэлэһэ сыталлар», — диэн биллэрбитэ. Үбүлээһини өйүүр дьон харчы хомуйан, сири хаһар сыаналаах снаряды булуммуттара. Ол эрээри, уу долгунун охсуута, снаряд хомуйбут кумаҕынааҕар элбэҕи аҕалбыта. Онно уу түгэҕэр үлэлии сылдьыбыт икки водолаз суорума суолламмытын кэнниттэн, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан кээмэйдээх компенсацияны төлөөбүттэрэ. Дириэктэрдэр сэбиэттэрэ «Гросвенору» ууттан таһаарартан аккаастанан, сандикат боҥкуруокка барбытын биллэрбиттэрэ.
КОНАН ДОЙЛ ТУҺАТА СУОХ ХОЛОНОН КӨРҮҮТЭ
Бастакы Аан дойду сэриитин кэнниттэн «Гросвенор» тула үлүһүйүү саҥаттан күөдьүйэ түспүтэ. Фрегаты хайдах хостуохха сөбүн туһунан кыра уонна улахан хампаанньалар, киһи төбөтүн эргитэр, бырайыактары сыҥалыы сатаабыттара. Ол эрэн, акыйааҥҥа күүстээх силлиэ түһэн, тимирбит хараабылы атын сиргэ көһөрөн испитэ. Хас биирдии экспедиция саҥаттан көрдүүргэ күһэллибитэ. Акыйаан бэйэтин булумньутун эрэллээхтик кистиирэ. Кылааты көрдөөччүлэр уоскуйан, тохтоон хаалбатахтара. Биир экспедицияҕа, оннооҕор, биллиилээх суруйааччы Конан Дойл кыттыбыта. Ол эрэн, Шерлок Хомс уобараһын айбыт талааннаахха ситиһии мичээрдээбэтэҕэ. Кылааты көрдүүр хонтуораны 1921 сыллаахха Эмиэрикэ миллионера Пит Крайн «павлин» трону буламмын ааппын-суолбут үйэлэргэ хаалларар сыалтан тэрийбитэ. Кини биэрэктэн хараабыл сытар арыытыгар диэри 210 миэтэрэлээх тюннель хаһарга былааннаабыта. Биэрэктэн 40 кыраадыс сытар тюннель «Гросвенор» түгэҕэр чугаһаабыта. Бүтэһик миэтэрэ хаалбытын кэннэ, хараабыл көхсүн тиковай мастарын бытархайдара көстүбүттэрэ. Бу үлэ икки сыл барбыта, ол устата тюннель иккитэ сууллубута. Тимир суол ыраах сытар буолан, сакаас оҥоһугу хас да ый кэтэһэллэрэ. Үлэһиттэри олордорго, ыскылаакка үгүс үп-харчы барар буолан, үгүс хоромньу тахсыбыта, эбиитин, кириизис бүрүүкээн, үбү булар кыллыбат буолбута. Дириэктэрдэр сэбиэттэрэ тэриллии кыаллыбат буолбутун билиммиттэрэ. Сыл аастаҕын аайы, атын саҥа экспедициялар кэлэн испиттэрэ. Тимирбит кылааты булар баҕалаах билигин да көстүтэлиирэ. XX үйэҕэ кылааты көрдөөһүнүнэн олохтоохтор дьарыктанар буолбуттара. Кинилэр манньыаты, ювелир оҥоһуктары булаллара. Чэпчэкитик байар баҕалаахтартан биир бүтэһигинэн Бельгия миллионера Гвидо Бакер буолбута. Хараабылы ууттан таһаарар үлэҕэ бэйэтэ кыттар баҕата баһыйан, Брюссель анныгар баар виллатыгар дириҥ бассейн хастарбыта уонна хас да сыл водолазтар уустук дьарыктарыгар үөрэммитэ. Гвидо Бакер «Гросвенор» куорпуһугар ыстаалтан оҥоһуллубут улахан диаметрдаах турбаны олордор былааннааҕа. Ол устун водолазтар хараабылга тиийиэхтээхтэрэ. Бакер бэйэтин дьыалатын 99 холонууттан биирэ табыллыа дии саныыра. Бу былаантан олоххо киирбитин туһунан туох да сурах-садьык биллибэт. Билигин аныгы тиэхиньикэлээхтэртэн ким даҕаны «Гросвенор» кылаатын хостуурга тиэтэйбэт. Тоҕо диэтэххэ, сокуоҥҥа олоҕуран, колонизатордар былдьаан ылбыт баайдарын хаһаайыныгар — Индия норуотугар төнүннэриэх тустаахтар.