Кабачок хомпуота

Хомпуот оҥорорго наада буолар: 1 киилэ ыраастаммыт, кубиктыы быһыллыбыт кабачок, 2 л уу, 600 г саахар, гвоздика 6 бутон амтанын тупсарар, 1 ост. ньуоска фруктовай уксус.

Бэлэмнэммит кабачокпутун оргуйаары турар ууга кутабыт. Уу оргуйдаҕына саахарбытын кутабыт, оргуйа турар кабачок дьүһүнэ арыый уларыйан араҥас дьүһүннэнэр. Гвоздикабытын эбэбит, хомпуоппутун оһохтон ылан уксуспутун кутабыт уонна итиилии оргутуллубут бааҥкаларга кутан хаппаҕын ыбылы эрийэн умса ууран сабан сойутабыт.
Аһары оргуттахха илдьирийэр, ол иһин амсайан көрөн, оргуйбутун кэннэ быһа холоон 15-20 мүн. Оргутуохха сөп, кабачок тугу кытта буккуйаҕын да ол амтанын ылынар, ананас хомпуотун кытта буһардахха ананас амтаннаах буолар, ким тугу сөбүлүүрүнэн боруобалыан сөп.

Минньигэстик аһааҥ!

Марина Ордахова.

Читайте дальше